Казахстаҥҥа 5 бааллаах сир хамсааһына буолла

Казахстаҥҥа 5 бааллаах сир хамсааһына буолла

23.01.2024, 17:22
Хаартыска: Zakon.kz
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 23 күнэ үүнэр түүнүгэр Казахстан Алма-Ата куоратыгар 5 бааллаах сир хамсааһына буолла. Оттон 6,7 бааллаах сир хамсааһынын килбэйэр киинэ Казахстан, Киргизия уонна Кытай кыраныыссаларын аттыгар буолбут.

Хаартыска: Спутник.

Алма-Ата куоракка араас эчэйиини ылбыт 44 киһи балыыһаҕа көрдөрүннэ диэн Казахстан доруобуйаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Ол курдук, сүрүннээн, илиилэрин-атахтарын, төбөлөрүн өлөрөн, маска, тааска баттатан, чэпчэки уонна орто истиэпэннээх эчэйиилэри ылбыттар. Сорохтор куттанан, иккис, үһүс этээстэртэн ыстанан, атахтарын эчэппиттэр.

3 киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр. 10 оҕо көрдөрүммүтүттэн, 5 оҕону балыыһаҕа киллэрбиттэр, атыттары амбулаторнай эмтэниигэ ыыппыттар.

Бу кэнниттэн, сарсыарда диэкинэн, Кыргызстан, Кытай диэки сүүсчэкэ кыра хамсааһын буолбут. Алма-Ата куоракка кэлин биэстэ хамсаабыт, ол эрээри, хоромньуну аҕалбатах. Национальнай сейсмологическай кэтээн көрүү, чинчийии научнай киинин дириэктэрэ Даулет Сарсенбаев этэринэн, улахан хамсааһын кэнниттэн кыралар син биир баар буолаллар, ол эрээри, умуллан, кыччаан иһэллэр.

Куорат үгүс олохтоохторо дьиэлэриттэн тахсан, олбуорга туран кэтэһэргэ, оҕолорун-урууларын илдьэ оскуолаларга тиийэн хонорго күһэллибиттэр. Сир хамсааһына син  сахсыйбыт эрээри, дьиэ-уот сууллуута суох. Сорох дьиэлэр хайыта барбыттар.

Уулуссаларга, сапыраапкаларга массыыналар мустан, суолу бүөлээн кэбиһэн, патрульнай полиция иниспиэктэрдэрэ илиинэн ыйан, таһаартыырга күһэллибиттэр. Оттон таксыыстар сыаналарын икки бүк үрдэтэ охсубуттар.

Сир хамсааһынын үгүс видеокамералар уһулбуттар.  Хата, улахан хоромньу тахсыбата.

Санатар буоллахха, 2023 сыллаахха Турцияҕа, Сирияҕа 7,8 бааллаах сир хамсааһына буолбута. Турцияҕа 50 тыһыынчаттан тахса киһи суорума суолламмыта, элбэх дьиэ сууллубута.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: