Дьокуускай-Алма-Ата рейс муус устар 20 күнүттэн алтынньы 26 күнүгэр диэри нэдиэлэҕэ биирдэ — субуота ахсын көтүөҕэ. Таможня докумуоннарын толорорго Иркутскайга тохтоон ааһыаҕа. Тохтобул уһуна — 3 чаас.
Онтон ыам ыйын 5 күнүттэн алтынньы 20 күнүгэр диэри Дьокуускай-Иркутскай-Алма Ата рейс уонна төттөрү көтөн кэлии хас баскыһыанньа ахсын буолуоҕа.
Алма-Ата куоракка көтүү сыаната төһөнүй?
«АвиаСейлс» сервискэ билиэт сыаната кэлэ-бара: бэс ыйыгар 73,8 тыһыынча солкуобай, от ыйыгар 71,5 тыһыынча солкуобай диэн көрдөрөр.
Оттон «Якутия» хампаанньа бэйэтин саайтыгар кулун тутар 12 күнүнээҕи валюта кууруһунан, Дьокуускайтан Алма-Ата куоракка диэри көтүү билиэтин сыаната 24 455 солкуобай диэн (валюта кууруһа күн аайы уларыйа турар). Ол эбэтэр, билиэти табыллан ыллахха, кэлэ-бара 50 тыһыынча солкуобайга көтөн кэлиэххэ сөп диэн этэллэр.
Ол эрээри, хампаанньа саайтыгар киирэн көрбүтүм, муус устарга, ыам ыйыгар билиҥҥитэ 30-33 тыһыынча солкуобайдаах билиэттэр бааллар.
Казахстаҥҥа көтөргө виза да, кыраныысса таһынааҕы пааспар да ирдэммэттэр (90 күн визата суох олоруохха сөп). Арассыыйа пааспарынан да тахсыахха сөп диэн авиахампаанньа мэктиэлиир. Маны тэҥэ, мэдиссиинэ страховкатын оҥорторуу эмиэ булгуччулаах буолбатах. Коронавируска ПЦР-анаалыс ирдэммэт.