Казахстаҥҥа «Ньургун Боотур», «Кыыс Дэбилийэ» испэктээкиллэри көрдөрүөхтэрэ

Share

Муус устар 18-23 күннэригэр Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллыахтара. Уруулуу норуоппутугар тиийэн, туохпутун утары уунабыт, тугу көрдөрөбүт? 

Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин култуурунай бырагырааматыгар саха киинэтин, олоҥхону, балеты, муусуканы, фольклору, литератураны билиһиннэриэхтэрэ диэн култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Ол курдук, «Чарующие звуки предков» көһө сылдьар быыстапка туруоҕа. Саха сирин, Казахстан, Кыргызстан эпостарын толорооччулара көрсүһүөхтэрэ. Үс омук түҥ былыргы эпостарын тутан олорон истэр олус интэриэһинэй буолуоҕа.

Маны тэҥэ, «Виртуозы Якутии» скрипачтар ансаамбыллара, Олоҥхо тыйаатырын, Опера, балет тыйаатырын артыыстара кэнсиэртиэхтэрэ, испэктээкиллэрин көрдөрүөхтэрэ. Андрей Борисов туруоруутунан «Ньургун Боотур» испэктээкили «Астана Балет» тыйаатыр сыанатыгар уонна Алматы куорат Абай аатынан Национальнай опера, балет тыйаатырыгар көрдөрүөхтэрэ. Аныгы хореография киэһэтигэр  «Геометрия движения» и «Сияющий камень» балеттар буолуохтара.

«Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо-испэктээкил икки улахан тыйаатыр сыанатыгар туруоруохтара.

Казахстан Национальнай түмэлигэр «Сокровища Якутии» быыстапка күндү малларын күлүмүрдэтиэҕэ. Быыстапкаҕа скульптураны, ат симэҕин, дьахтар киэргэлин, уран уустар оҥоһуктарын көрдөрүөхтэрэ. Быысапкаламмыт өрөспүүбүлүкэ каартата, ювелирнэй оҥоһуктар, күндү таастар, о.д.а. ыам ыйын 1 күнүгэр диэри туруохтара.

Казахстан олохтоохторугар саха киинэлэрин көрдөрүөхтэрэ. Норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева «Саха оноҕоһо» кинигэтин билиһиннэриэҕэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы төгүрүк остуолга национальнай литература сайдыытын, норуоттар доҕордоһууларын туһунан кэпсэтиэхтэрэ.

Казахстаҥҥа Саха сирэ атыыга-эргиэҥҥэ, экэнэмиичэскэй, инвестиционнай, туристическай балаһыанньатын көрдөрүөҕэ. Тэрээһиннэр Астана, Петропавловскай, Алматы куораттарга буолуохтара.

Тэрээһин чэрчитинэн, СӨ бырабыыталыстыбата уонна Хотугу-Казахстан уобалаһын акимата меомрандумҥа илии баттаһыахтара. Маны тэҥэ, Дьокуускай уонна Петропавловскай куораттар бырааттыы сибээстэрин туһунан дуогабарга илии баттаһыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка 1964 с.т. эр киһини өлөрдүлэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Сергеевич Николаев РФ Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

48 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 часов ago