Казахстаҥҥа Саха сирин киинэтин күннэрэ ыытыллыахтара
Балаҕан ыйын 15-20 күннэригэр Казахстан Алматы куоратыгар «Русские сезоны» бырайыак чэрчитинэн Саха сирин киинэтин күннэрэ ыытыллыахтара. Алматы олохтоохторугар анаан уон сахалыы киинэни көрдөрүөхтэрэ. Бу туһунан «Сахафильм» хампаанньа иһитиннэрэр.
Ол иһигэр:
— «Орто Дойду» киинэ (1993 с.), режиссер Алексей Романов;
— «Чувак» киинэ (2017 с.), режиссер Владимир Мункуев;
— «Нет бога кроме меня» драма (2019 с.), режиссер Дмитрий Давыдов;
— «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэ (2019 с.) уонна «Кэрэни көрбүт» (2022 с.), режиссер Любовь Борисова;
— «Күлүк хомус» киинэ (2019 с.) уонна «Холодное золото» киинэ (2021 с.), режиссер Петр Хики;
— «Дьулуур: мас-рестлинг» киинэ (2021 с.), режиссер Валентин Макаров;
— «Биһиги кыһыммыт» киинэ (2022 с.) уонна «Айта» киинэ (2023 с.), режиссер Степан Бурнашев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: