Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрэ буолуохтара

Share

Казахстаҥҥа бу дьыл муус устар ортотугар Саха сирэ эргиэҥҥэ-экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа, култуураҕа уонна туризмҥа кыаҕын көрдөрүөҕэ.

Санатан эттэххэ, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевы кытта оробуочай көрсүһүүтүгэр 2023 сылга Астанаҕа бииргэ үлэлииргэ сөбүлэспиттэрэ уонна чуолаан, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрин тэрийиини.

Бу күннэр кэмнэригэр сахалыы киинэлэр, Олоҥхо тыйаатырын испэктээкилэ, “Виртуозы Якутии” скрипачтар ансаамбылларын кэнсиэрэ буолуохтара.

Астанаҕа “Сделано в Якутии” инновационнай тэрилтэлэр уонна табаары оҥорооччулар табаардарын илдьиэхтэрэ.

Астанаҕа Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай түмэлигэр норуот оҥоһугун быыстапката туруоруллуоҕа.

Успуорка мас-рестлиҥҥэ Казахстан чөмпүйэнээтэ, сэминээр, көҥүл тустууга, мас-рестлиҥҥэ Саха сирин уонна Казахстан хамаандаларын көрсүһүүлэрэ ыытыллыаҕа.

Петропавловскайга биллэр уопастыбаннай диэйэтэл М.К.Аммосов олоҕор анаммыт “Төлөннөөх Максим” быыстапканы тэрийиэхтэрэ.

Саха сирин уонна Хотугу-Казахстан уобалаһын акиматын кытта меморандуму олоххо киллэриигэ былааҥҥа илии баттаһыыта күүтүллэр.

Алматыга Саха сирин, Казахстан, Кыргызстан норуоттарын эпостарын толорооччулар «төгүрүк остуолга» түмсүөхтэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

21 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

36 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

52 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago