Казахстантан кыайыы көтөллөөх
Казахстаҥҥа Алматыга «Сымбат» дизайн уонна технология институтугар олунньу 29 — кулун тутар 1 күннэригэр «CREATIVE WORLD» норуоттар икки ардыларынааҕы күөн күрэс ыытылынна.
Бу күөн күрэскэ Дьокуускайтан «Үктэл» айар түмсүү уран тарбахтаахтара (сал. норуот маастара Л.П.Жиркова) кытыннылар диэн «Симэх» киинтэн иһитиннэрэллэр.
Куонкурус тиэмэтэ: «Вдохновение без границ: слияние национального и современного стиля». Сыала-соруга — дизайнердар, худуоһунньуктар, конструктордар, технологтар, визажистар, гримёрдар айар дьоҕурдарын сайыннарыы, ускуустуба уонна технология уобалаһыгар профессиональнай эйгэни тэрийии, норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһини тэрийии.
Тэрээһин иитинэн «Инновации и традиции в дизайне: объединение современных технологий и искусства» тиэмэҕэ научнай-практическай кэмпириэнсийэ тэриллибит. Манна 11 дойдуттан кыттыыны ылбыттар. Алта араас номинацияҕа 55 кэллиэксийэ көрдөрүллүбүт. Манна «Профи», «Студент», «Юниор» категорияларынан кыттыбыттар.
Казахстаҥҥа, Кыргызстаҥҥа орто анал үөрэххэ, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр уонна үөрэҕи бүтэрбиттэр оҥорбут араас элбэх кэллиэксийэлэрэ көрдөрүллүбүттэр.
-Маннык интэриэһинэй куонкуруска кыттыбыппытыт санаабытын кынаттыыр. Ордук «Профи» категорияҕа «Культурное наследие и искусство» номинацияҕа 1 миэстэни ылбыппытыттан үөрэбит. Гала-кэнсиэргэ дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылбыт «Лоскутное узорочье в украшениях саха» кэллиэксийэни көрдөрдүбүт. Саха сирин дэлэгээссийэтин бары кыттыылаахтара тэрийээччилэргэ олус истиҥ көрсүһүүлэрин, куонкуруһу уонна тиэхиньиичэскэй наука дуоктара, искусствоведение профессора, гуманитарнай-экэнэмиичэскэй университет «Сымбат» дизайн уонна технология институтун салайааччыта, ытыктабыллаах Сабыркуль Жайлаубековна Асанова үбүлүөйүн кытары сибээстээх наһаа интэриэһинэй тэрээһиннэргэ кытыннарбыттарыгар иһин махтанабыт, — диэбит норуот маастара, «Үктэл» айар түмсүү салайааччыта Людмила Жиркова.
Хаартыскалар «Симэх» киин тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: