Ааҕыыттан дьиҥ дуоһуйууну бэлэхтиир сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал муус устардааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ:
— Сурунаалбыт бас эрэдээктэрин солбуйааччы Данил Макеев сэбиэскэй былаас уонна дьиэ кэргэн олоҕо үрэллиилэрин туһунан «Оҕом аҕалаах буоллаҕына» диэн саҥа сэһэниттэн быһа тардыы;
— Аммаҕа олорор Наталия Рязанская буллинг туһунан «Саахар» сэһэнэ тугунан түмүктэнэрий?;
— Саха норуодунай поэта Савва Тарасов төрөөбүтэ 90 сылынан олорбут кэмин уонна литература ис эйгэтин туһунан «Кэлэр кэм космодрома» хоһооннорун бөлөҕө;
— Таатта арыытын аатырдыбыт СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ уонна лиирик поэт Василий Алексеев төрөөбүтэ 75 сылыгар «Уостаргар сардаана састаҕа, хаастаргар хара киис бүктэҕэ…» диэн хоһооннорун бөлөҕө;
— Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин көрсө казах литератураларын доҕордоһууларын олохтоспут Калаубек Турсункулов «Соҕотох долохоно» сэһэнэ уонна казах аар саарга аатырбыт поэта Олжас Сулейменов, Суорун Омоллоон кыыһынан сүрэхтэммит Турсынай Оразбаева, Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун казахтыы саҥардыбыт Улугбек Эсдуаулет хоһоонноро;
— Өксөкүлээх туйаҕын хатарааччыта Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылынан «Аҕам спортсмен эбит», «Алампа Соппуруонап» ахтыылара уонна кыыһын Лариса Реасовна киирии тыла;
— Сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов «Улуу айаннар суолларынан» бырайыак салайааччыта, Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Никоновтыын Уһук Илин уонна Саха сирэ Россияҕа холбоспуттара 400 сыла туоларын туһунан сэһэргэһиитэ;
— Литература кириитигэ Ольга Макарова «Үйэлэри ситимниир, көлүөнэлэри сиэттиһиннэрэр айылгылаахтар…» диэн суруйааччы Данил Макеев айымньыларыгар санаатын аттарыктара;
— Эдэр суруйааччы Мария Андреева «Хаппыт буор курдук бытарыйымыаҕыҥ» диэн эссетигэр бөдөҥ прозаик Петр Аввакумов «Өлбүт өтөхтөр» романыттан сэдиптээн тыа сирин кэскилин анаарар;
— «Оҕоҕун кытта аах» рубрикаҕа норуот суруйааччыта Далан «Тэппэй боччумурар» сэһэниттэн быһа тардыы.
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…