Кэбээйи 385 сылынан «Өйдөбүнньүк кэм капсулата» анал сиргэ уурулунна
Кэбээйи нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн сынньалаҥ пааркатыгар биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһини нэһилиэк баһылыга Илья Иванович Левин, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэсэдээтэлэ Е.А. Павлов эҕэрдэ тылларынан астылар. Салгыы Е.Е. Эверстов аатынан орто оскуола иһинэн тэриллибит «Тэбэнэт» оҕо тыйаатыр куруһуогун оҕолоро (салайааччы А.П. Терехова) «Кэбээйи» литературнай монтаж хоһоон аахтылар.
Саҥа үлэҕэ киирбит сынньалаҥ пааркатыгар «Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас» сылларынан сибээстээн, ыал олоҕо туруктаах, уйгулаах буоллаҕына судаарыстыба кыаҕырар, сайдар диэн санаанан салайтаран, нэһилиэк элбэх оҕолоох ыаллара Павел, Ирина Кычкиннар, Виктория, Андрей Ефимовтар, Василий, Ангелина Софронеевтар оҕолорун кытта кэлэннэр мас олортулар.
Маны кытта тэҥҥэ нэһилиэк аҕам саастаах дьоно үүнэр ыччакка үтүөнү түстээн, кэлэр көлүөнэҕэ кэрэни кэрэһилээн эмиэ ыччат мастары олортулар. Ону сэргэ орто оскуола биэс туйгун үөрэнээччилэрэ биирдии маһы олордор үрдүк чиэскэ тигистилэр.
Салгыы үүнэр ыччакка аҕам саастаах дьоннорбут олус долгутуулаах, элбэҕи эрэннэрэр баҕа санаалаах кэс тылларын анаан суруйбут «Өйдөбүнньүк кэм капсулатын» аны 15 сылынан, ол эбэтэр нэһилиэкпит 400 сылыгар, таһааран ааҕардыы анал сиригэр түһэрдилэр.
Үөрүүлээх тэрээһини култуура сайдыытын киинэ (дириэктэр Л.С. Семенова) иилээн-саҕалаан ыытта уонна олохтоох ааптардар Венера Лугинова тылларыгар, Татьяна Винокурова матыыбыгар «Кэбээйи» диэн ырыаны биир дойдулаахтарыгар бэлэх ууннулар.
Кэбээйи үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт биир дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин дьон-сэргэ өйүгэр хатанардыы бэрт сэргэхтик ыытылынна.
Татьяна Максимова-Лазарева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: