Кэбээйи Хомус күнүн көрсөр

Кэбээйи Хомус күнүн көрсөр

Ааптар:
30.11.2022, 10:40
Бөлөххө киир:

Тоҥ тимиртэн уулларан, талыы тимиртэн уһааран, таптайан, эллээн, чочуйан, тапталынан оҥоһуллубут хомуһу сатабыллаах оонньооччулар ыраахха дьиэрэттэхтэринэ, күөх халлаан көстүбэт үрдүгэр көтө сылдьар күөрэгэйдии дьүрүһүттэхтэринэ, уоска кыбыллар саха хомуһа уйулҕаны уһугуннарар модун күүстээҕин сөҕөҕүн.

Кэрэни кэрэхсиир Кэбээйи нэһилиэгэр саха омук дьиэтинэн буолар Елизавета Константиновна уонна Николай Петрович Софронеевтар балаҕаннарыгар Хомус күнүгэр аналлаах « Хомус уонна хоһоон» диэн ааттаах тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста.

Тимир ууһун норуот маастара Артем Алексеевич Киренскэй оттуллубут көмүлүөк оһох иннигэр олорон бэйэтин идэтин, хомус хайдах уһаарылларын, хомус эмтиир күүстээҕин, ситиһиилэрин сиһилии сэһэргээтэ. Көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктарын, хомуска аналлаах кинигэлэрин быыстапкалаата, сүбэ — ама биэрдэ.
«Хомус уонна хоһоон » күрэскэ олохтоох ааптардар бэйэлэрин хоһооннорунан, сорохтор атын суруйааччылар хомуска анаабыт хоһооннорун доргуччу аахтылар. « Добун » үрдүк аатыгар Саргылаана Ивановна Докторова тигистэ, көхтөөх кыттааччыларга анал ааттары анаатылар.
Бөһүөлэкпит биллэр ырыаһыта, хомусчута Антон Егорович Петров хомуска хайдах оонньуурга маастар кылаас ыытта. Онтон дэгиттэр талааннаах Ирина Гаврильевна Кобякова кырыымпата кыталыктыы кыҥкынаата. Бу кэмҥэ хомусчуттар бары хомустаан хатылаатылар, хамсанан үҥкүүлээтилэр. Манна иһиллэр Бүлүү, Сунтаар, Амма оһуокайдара. Бу күнү хомус уонна кырыымпа хоһуласпыт дорҕоонноро киэргэттилэр.
Хаһан да умнуллубат тэрээһин сүрүн соругунан хомус саха культурнай олоҕун суолтатын үрдэтии, хомус уустарын сырдатыы, хомус оҥоһуутун билиһиннэрии уонна тыаһын дьүрүһүтэн иһитиннэрии буолар. Бу курдук, саха омук хомуһа, хатан тыллаах доҕорбут дьүрүһүтэ кутуллан, дьикти аптаах доҕуһуолунан дьон сүрэҕин үөрдэ-көтүтэ туруохтун!

Венера Лугинова,

Кэбээйи.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: