Саха сирин олохтоохторо байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөр.
Бу күннэргэ Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгин «Дууһабытынан эдэрбит» киин «Үтүө түгэн» түмсүү салайааччыта Татьяна Максимова көҕүлээһининэн, блиндажнай чүмэчи оҥордулар.
Бу туһунан «Саха волонтердара» хамсааһын иһитиннэрэр.
«Хас да күннээх үлэбит бүгүн түмүктэннэ. 80-ча баанкаҕа парафин кутаммыт блиндажнай чүмэчи оҥорон бэлэмнээтибит. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттар уоппускаҕа кэлэ сылдьаннар илиибитин ититэрбитигэр, аспытын, чэйбитин сылытарбытыгар олус туһалаах диэбиттэрэ. Ол иһин оҕолорбутугар көмө буолаарай диэммит оҥордубут. Бу күннэргэ чүмэчилэрбитин куоракка көмөнү түмэр сиргэ тиксэриэхпит», – диэн түмсүү салайааччыта Татьяна Максимова кэпсиир.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…