Кэбээйи улууһугар ийэ икки оҕоҕо босуобуйа ылар бырааба күөмчүлэммит
Кэбээйи улууһун борокуратуурата оҕолоох дьиэ кэргэни социальнай өйөөһүн сокуонун төһө тутуһалларын бэрэбиэркэлээтэ. Ол туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Борокуратуура быһаарбытынан, 2023 с. муус устар ыйыгар Кэбээйи улууһун Сангаар бөһүөлэгин олохтооҕо РФ пенсионнай уонна социальнай страховкалааһынын пуондатын Саха сиринээҕи салаатыгар икки оҕотугар ый аайы төлөнөр босуобуйаҕа сайабылыанньа биэрбит.
Ол эрээри пуонда дьахтар бас билиитигэр 0,25 гектар иэннээх сир баар эбит диэн босуобуйаны аныыры аккастаабыт.
Борокуратуура итинник быһаарыыны кытары сөпсөспөтөх, тоҕо диэтэххэ, «Дальневосточнай гектар» туһунан сокуон олоххо киириитин чэрчитинэн ылыллыбыт сир учаастага онуоха төрүөт буолуон, баай-дуол курдук ааҕыллыан сатаммат эбит.
Оройуон борокуратуурата пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччытыгар быһаарыы суруйбут.
Борокуратуура дьаһалын дьүүллэһии түмүгүнэн сокуоннайа суох быһаарыы көтүрүллүбүт, икки оҕолоох ийэҕэ босуобуйа анаммыт уонна хат ааҕыллан, эрдэтээҥи кэмнэрэ кытары төлөммүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: