Кэбээйи улууһугар икки оҕолоох ыал сураҕа суох сүттэ
14.08.2025, 16:32

Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспа ТГ-хнаалыттан.
Бөлөххө киир:
Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл нэһилиэгиттэн 4 киһилээх ыал «Урал» массыынанан Сиэгэн Күөлгэ айаҥҥа аттаммыттар эрээри, анаммыт сиргэ тиийбэтэхтэрин туһунан иһитиннэрии киирдэ.
2012 уонна 2019 сыллаах төрүөх оҕолоох ыалы Ньора үрэххэ билэр киһилэрэ көрсүөхтээх эбит эрээри, атырдьах ыйын 12 күнүгэр кэргэнниилэр болдьоммут сиргэ тиийбэтэхтэр.
Уһун ардах түһэн, олохтоох үрэхтэргэ уу таһыма үрдээбит диэн иһитиннэрэллэр. Быһылаан быыһыыр сулууспа хонтуруолугар киирдэ.
Сиһилии https://t.me/spasykt/6176 сигэнэн билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: