Бэс ыйын саҥатыгар саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов салайааччылаах айар бөлөх Куокуй нэһилиэгэр быйыл бэһис төгүлүн “Таас Тумус күөнүгэр” литературнай экспедициянан кэлэн сырытта. Куокуй дьоно-сэргэтэ экспедиция дьонун үөрэ-көтө көрүстүлэр, ас амтаннааҕын аһаттылар, туох кыалларынан көмөлөстүлэр.
Быйылгы устуулар Георгий Башариҥҥа, Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллооҥҥо анаммыт буоланнар, экспедицияҕа ГЧИ түмэлин үлэһитэ, Суорун Омоллоон сиэнэ Илья Васильев ыҥырыллан кэлбит. “Урут Кэбээйи улууһугар сылдьа илигим, онон саҥа сири интэриэһиргээммин итиэннэ суруйааччылар тэрээһиннэригэр кыттыахпын, суруйуохпун баҕарарым быһыытынан үөрэ-көтө сөбүлэһэн кэллим. Олохтоох түмэлгэ сылдьан, бу дойдуга үөскээбит улахан суруйааччы элбэҕиттэн сөхтүм”, — диир Илья Эдуардович.
“Биһиги Куокуйбут нэһилиэгэр маннык биллиилээх дьон кэлэллэрэ, интэриэһинэйи кэпсииллэрэ олус наадалаах. Онон олохтоох түмэлбит сылы эргиччи үлэлиирэ буолар диэн баҕалаахпыт”, — диэн санаатын этэр кыраайы үөрэтээччи Геннадий Иванов.
Бу биэриигэ хаһыс да төгүлүн уһуллар норуодунай суруйааччы Семен Попов-Сэмэн Тумат бу биэриилэр улахан наадалаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтиир: “Бу экспедиция улахан суолталаах. Саха интеллигенциятын өр сыллаах хара көлөһүнүн тириэрэр, кинилэр ааспыт олохторун өссө дириҥэтэн биэрэр историческай оруол биһиги көлүөнэҕэ түстэ. Биһиги норуоппут көмүскэнэр устуоруйалаах буолуохтаах, оннук норуот өлөн-охтон биэрбэт. Оннук миссияны толоро сылдьарбытыттан астынабыт”.
“Таас Тумус күөнүгэр” экспедиция бэһис сырыытыгар туох суолталаах кэпсэтии буолбутун аны кыһын “Саха” НКИК биэриилэригэр көрүөхпүт.
Ньурба хорсун саллаатыгар Туора сир халлаанын анныгар Уот сэрии хонуутун быыһыгар Соҕотох хорсуннук кииристиҥ Өстөөхтүүн…
Тохсунньу 3 күнүгэр Решетников аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэриттэн эр киһи өлүгүн булбуттар. Барыллаан…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -17 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Сыл бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. Дьэрэкээн кырыанан бүрүллүбүт түннүгү одуулуубун. Дьиримниир уоттардаах араас өҥнөөх лаампалар…
Бу күннэргэ Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайан, балаһыанньа кытаата сырытта. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы…
«Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий…