Кэбээйигэ балыыһа мобильнай комплекса нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөр
Кэбээйи улуустааҕы киин балыыһата нэһилиэнньэ доруобуйатын миэстэтигэр тиийэн көрөр.
Саха сирин олохтоохторун доруобуйаларын билигин көһө сылдьар мобильнай комплекстарга көрөр кыах баар. Маннык айанныы сылдьан көрөр комплекстар улуустар киин балыыһаларыгар «Доруобуйа» национальнай бырайыагынан, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардан оҥоруу бырагырааматын чэрчитинэн бэриллибиттэрэ.
Бу күннэргэ Кэбээйи киин балыыһатын мобильнай комплекса Сангаар бөһүөлэгэр үлэлиир. Онон олохтоохтор быраастарга көрдөрдүлэр, сүбэ-ама ыллылар, анаалыстарын туттардылар. Маны таһынан кинилэр ФЛГ түһэр буоллулар. Онон дьоннор доруобуйаларын үчүгэйдик көрдөрөр кыахтаннылар.
Мобильнай комплекстарынан көһө сылдьан көрүү миэдиктэргэ чэбдигирдэр үлэни ыыталларыгар көмөнү оҥорор уонна нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабар. Маннык үлэ ыытыллар буолан, дьон ханна да ырааппакка миэстэтигэр доруобуйатын көрдөрөр, бэрэбиэркэлэтэр уонна туругун билэр.
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин биир тутаах өрүтүнэн дьон-сэргэ доруобуйата чэгиэн уонна этэҥҥэ буолуута бэлиэтэнэр. Маныаха РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын тиһигин тупсарыыга улахан үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналлар. Бырайыак иитинэн доруобуйа харыстабылын бөдөҥ эбийиэктэрэ тутуллаллар, хапытаалынай өрөмүөннэр ыытыллаллар. 2021-2030 сылларга Саха сиригэр Доруобуйа уон сыла биллэриллэн турар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: