Кэбээйи волонтердара уонна уһуйаан кырачааннара байыастарга баһыылка ыыттылар

Share

Кэбээйи нэһилиэгэр «Үтүө түгэн» волонтердар түмсүүлэрэ (сал.Максимова Т.Д.) төрдүс сылын тэриллэн үлэлиир.

Хаартыскалар: Татьяна Максимова-Лазарева тиксэриитэ.

Кинилэр «Мичээр» оҕо саадын кырачаан волонтердарын кытта (бырайыак ааптардара Максимова Т.Д., Терехова И.В.) байыаннай дьайыыттан эмсэҕэлээн кэлэн Москва госпиталыгар эмтэнэ сытар байыастарга анаан муспут көмө тэриллэрин уонна кэһиилэрин баһыылка оҥорон, «Якутия с тобой» уонна «Волонтеры Саха» түмсүү тутар пууннарыгар туттардылар.

Хаартыска: Татьяна Максимова-Лазарева тиксэриитэ.

Волонтер оҕолор сылгы кылыттан төгүрүтэн оҥорбут массажердарын төрөппүт көмөтүнэн сороҕун талаҕынан уктаан, сороҕун мээчик-массажер оҥорон уонна суруктаан-бичиктээн бэлэмнээтилэр. Бу бырайыак үлэлээбитэ иккис сыла. Санатан эттэххэ бырайыак ааптардара бу үлэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа сырдатан тураллар.

Онтон «Үтүө түгэн» түмсүү волонтердара хаамар кыахтара суох байыастарга анаан кэлээскэлэри, торуоскалары, ходунок булан хомуйан ыыттылар. Ону сэргэ түмсүү салайааччыта эмтээх чэйдэрин кэһии оҥорон нарылаан бэлэмнээтэ. Маны таһынан түмсүү волонтердара ийэлии иһирэх майгыларынан уолаттарга диэн бурдук ас арааһын, балык, собо ыһаарылаан бэлэмнээтилэр. Минньигэс атыылаһан ирээт-ирээт бакыаттаан суулаатылар.

Уонна биир олус наадалаах тэрилинэн, илиигэ, атахха кэтиллэр сымнаҕас, сылаас чехоллары, наскылары баайдылар. Бу баайыы таҥаска «Вяжем СВО-им» улуустааҕы аахсыйа биллэриллибитэ. Аахсыйаҕа Кэбээйиттэн «Харыстаана» (сал. З.Я.Сметанина) коллекционердар түмсүүлэрэ, Н.В. Обутова салайыытынан Кэбээйитээҕи участковай балыыһатын кэлэктиибэ, Кэбээйи нэһилиэгин үтүө санаалаах ийэлэрэ, эбээлэрэ, эдьиийдэрэ, ону тэҥэ Мукучуга оҕо саадын иитээччитэ М.С.Иванова көҕүлээһининэн бу нэһилиэк олохтоохторо кытыннылар.

Баһыылканы куоракка тиксэрии ыарахаттардаах. Онон ыраах сиринэн эргитэн кэпсэтиннэрэн, олохтоох дьаһалта исписэлииһэ Иван Кондаков туһааннаах аадырыстарга тиксэрдэ. Баһыылканы тиксэриигэ үлэлэспит Иван Бугаевка (СВО байыаһа), Иннокентий Колесовка (Сиэгэн Күөл), Иван Кондаковка «Үтүө түгэннэр» махтаналлар.

Татьяна Максимова-Лазарева

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: саха кыыһын санатар Дьааҥы өрүс хаартыската тарҕанна

Сахабыт сирин кэрэ айылҕата ардыгар чахчы сэдэх уонна кэрэ уобарастары ойуулаан таһаарар. Дьокуускай — Баатаҕай…

11 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Идэһэ-2024» дьаарбаҥкаҕа олохтоох бородууксуйа хамаҕатык атыыланна

Сэтинньи 15 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ кыһыҥҥы аһын хаһаанар үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2024»…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Күүтүүлээх идэһэ кэмэ кэллэ»

Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр, эт арааһын хаһааналлар. Идэһэни туттууга Ил Дархан Айсен…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Хотугулуу-арҕаа -40-45° тымныйыа

Саха сирин синоптиктара өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаар түһэрин билгэлииллэр. Арҕаа, киин улулуустарга, соҕуруу, хотугулуу-илин кыралаан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоттулар БАМ тутуутугар

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

14 часов ago