Байыаннай дьайыы кэмигэр «мин дьыалам буолбатах» диэн туора туран хаалбыт киһи суоҕа чахчы.
Биллэр-көстөр көмөнү аһаҕастык да оҥорботор, наллаан, сэмээр көмөлөһөөччү элбэх. Онтон сорох дьон оннук биллибэттик көмө оҥороро табыллыбат курдук. Уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэ үлэһиттэрэ барытыгар отчуоттууллара ирдэнэр. Ол сиэринэн биһиги түмсүүбүт тугу оҥорбутун куйаар ситимигэр таһаарара олох ирдэбилэ буолар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дрон мастарыскыайа» аахсыйаҕа Кэбээйи нэһилиэгин олохтоохторун көҕүлээччинэн «Үтүө түгэн» үрүҥ көмүс волонтердар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ уонна «Мичээр» оҕону сайыннарар киин буолла. Икки нэдиэлэ устата нэһилиэк олохтоохторо балачча элбэх туһатыттан тахсыбыт ноутбуктарыттан саҕалаан, суотабай төлөпүөн араас мааркатын аҕалан, «Мичээр» оҕону сайыннарар киин Калининнааҕы уһуйааныгар, олохтоох дьаһалта дьиэтигэр мустулар.
Бу туһатыттан ааспыт гаджеттары инженернэй сэриилэр антидроны оҥорорго туһаныахтара диэн кыра да көмөнү оҥорор баҕа санаалаах нэһилиэк олохтоохторо күргүөмүнэн кытыннылар.
Аахсыйаҕа көхтөөхтүк «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ (дириэктэр С.К.Стручков), орто оскуолаттан «Волонтеры саха. Дети» бырайыак кыттыылаахтара 7 «б» кылаас (кылаас салайааччыта М.И. Зыкова) уонна 5 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Т.О.Дьячковская) итиэннэ биирдиилээн оҕолор Винокуров Егор, Кобякова Маша, Кобяков Влад кыһаллан-мүһэллэн кытыннылар.
Итинник көҕүлээһин түмүгэр 4 дьааһык гаджеты бэлэмнээн, олохтоох дьаһалта баһылыгар И.И. Левиҥҥа туттардыбыт. Ону Илья Иванович дьаһалта наадатыгар куоракка бара таарыйа туһааннаах сиригэр илдьэн туттарда. Суоппар Иннокентий Кобяковка уонна аахсыйаҕа кыттыбыт нэһилиэкпит олохтоохторугар махталбыт улахан.
Аны тилэх баттаһа «Вяжем СВО-им» аахсыйа саҕаланна. Бу да аахсыйа көхтөөхтүк ыытылларыгар эрэнэбит.
Татьяна Максимова-Лазарева.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…