Салгыы
Кэбээйилэр үтүөкэн дьоннорун умнубаттар

Кэбээйилэр үтүөкэн дьоннорун умнубаттар

11.06.2023, 14:00
Хаартыска: Р.А.Иванова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Кэбээйи улууһа кыраайы үөрэтэр, көрдүүр үлэҕэ ситиһиитэ олус элбэх. Муус устар 7 күнүгэр Дьокуускайга «Кинилэр Кэбээйи улууһугар өҥөлөрө тугунан да сыаналаммат, үлэлэрин суолтата өлбөт үйэлээх» диэн научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ буолан, тэрээһин III түһүмэҕин түмүктэрэ быһаарыллыбыттара.

«Кинилэр сөптөөх суолунан барбыттара»

Кэбээйи улууһа 2022 сыллаахха Саха АССР 100 сылын уонна улуус тэриллибитэ 85 сылын бэлиэтээбитэ. Улуус саамай улахан баайа – күүстээх санаалаах, туруоруммут соруктарын толорорго дьулуурдаах, талааннаах дьоно-сэргэтэ. Ол да иһин, кэмпи­риэнсийэ улуус социальнай-экэнэмиичэскэй уонна култуурунай-сыр­датар сайдыытыгар олохторун ­анаабыт дьон туһунан кэпсиир, сырдатар аналлаах.
Манна сыһыаран эттэххэ, маннык тиэмэлээх кэмпириэнсийэ 2017 сылтан, улуус тэриллибитэ 80 сылыттан ыытыллан барбыта кэрэхсэбиллээх.
Педагогика бэтэрээнэ, Учуу­таллар учууталлара, кыраайы үөрэтээччи, настаабынньык-учуутал Роза Андреевна Иванова «Кэбээйи улууһа тэриллиитин уонна сайдыытын төрүттэрэ» бырайыагынан тыа хаһаайыстыбатын, бырамыысыланнас, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, култуура, үп, эр­­гиэн, социальнай салаа сайдыыларын үөрэтииттэн саҕаламмыта. Бастакы исписэлиистэр, отделлар сэбиэдиссэй­дэрэ, управлениелар начаалынньыктара улуус сайдарыгар быһаарыылаах оруолу ылбыттара.
Кинилэр ортолоругар улуус үпкэ отделын сэбиэдиссэйэ, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Иван Дмитриевич Иванов, 1942 сылтан Кэбээйи оройуоннааҕы балыыһатын биэлсэрэ, 1947 сылтан оройуоннааҕы доруобуйа харыстабылын сэбиэдиссэйэ, 1952 сыллаахха «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт Марфа Петровна Климентова, 1953 сылтан социальнай хааччыйыы отделын сэбиэдиссэйэ, РСФСР уонна ВЦСПС социальнай хааччыйыытын туйгуна, «Бочуот Знага» уордьан кавалера Анна Михайловна Егорова бааллара. Кинилэр быһаарыылаах дьайыыларынан, тус эбээһинэстэригэр бэриниилээхтэринэн, дьиссипилиинэлэринэн улуус дьонун үтүө өйдөбүлүн ситиспиттэрэ.
Бу кэмпириэнсийэ сыала-соруга – Кэбээйи улууһа тэриллиэҕиттэн 1991 сыллаахха ССРС ыһыллыар диэри улуус бастакы салайаач­чыларыгар махталы, убаастабылы биллэрии. Кэмпириэнсийэ кыттыы­лаахтара улуус тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Васильевич Афанасьевтан саҕалаан, оройуон­нааҕы исполком бүтэһик бэрэссэдээтэлэ Василий Федосеевич Чуйкоҕа диэри, улуустааҕы райком бастакы сэкирэтээрэ Лев Николаевич Павловтан саҕалаан ССКП райкомун бүтэһик сэкирэтээрэ Николай Ильич Федоровка диэри уо.д.а. улууканнаах дьону ахтан-санаан аастылар. Кинилэр оройуону муударай сала­йыылара, чэпчэкитэ суох дьаныардаах үлэлэрэ сөҕүмэр түмүктэргэ тириэрдибитэ: Кэбээйи улууһа Саха АССР тэтимнээхтик сайдар улууһугар кубулуйбута, «1928 сылтан чох бырамыысыланнаһыгар уонна 1956 сылтан гаас бырамыысыланнаһыгар маҥнайгы» диэн дуорааннаахтык ааттаммыта, киэҥник биллибитэ. Улуус салайааччылара 10 нэһилиэги уонна Сангаар курдук биир бырамыысыланнай бөһүөлэк бытанан олорор нэһилиэнньэтин түмэргэ туох кыалларын барытын оҥорбуттара.
Кэбээйи олохтоохторо билигин «Биһиги салайааччыларбытыгар ытыктабылбытын биллэрэн, кинилэр сөптөөх суолунан барбыттара диэн бигэтик этэбит» – диэн эрэл­лээхтэр.


Көлүөнэлэр ситимнэрэ көһүннэ

Научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара бары биир киһи курдук, кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сөптөөх бириэмэтигэр ыытыллыбытын бэлиэ­тээтилэр уонна тэрийээччилэргэ, ону сэргэ кыттааччыларга дириҥ ис хоһоонноох дакылааттарын иһин махтаннылар.

Варвара Прокопьевна ЗВЕРЕВА, РФ үтүөлээх учуутала, В.П.Винокуров бииргэ төрөөбүт балта:
– Үрдүк таһымнаах улахан тэрээһин буолла. Ити элбэх үлэттэн-сыраттан тахсар. Итиччэ элбэх ыалдьыттары, кыттааччылары дьоһуннаахтык бэлиэтээһин тэрийэр дьонтон улахан түмсүүнү, болҕомтону эрэйэр.
Улуус тэриллиэҕиттэн үлэлээн саҕаласпыт, үүнэригэр-сайдарыгар олук уурсубут үтүөкэннээх үлэһит дьону, салайааччылары үөрэтэн-чинчийэн, чочуйан баай матыры­йаал хомуллан, үүнэр көлүөнэҕэ холобур буол­лулар. Ийэ дойдуга, төрөөбүт түөлбэҕэ бэриниилээх, духуобунай, култуура өттүнэн сайдыылаах буоларга баай матырыйаал хомуллан, тиһиллэн киэҥ эйгэҕэ таҕыста.
Роза Андреевна дьулуура-дьүккүөрэ, билиитэ, ыра санаата олоххо киирбит. Түмүккэ хайдах курдук махтанан туран, кэлэр кэскили, инники былааннары ырылыччы быһааран, сомоҕолоһон үлэлииргэ, айарга мэктиэлээтэ?

Афанасий Афанасьевич СОФРОНЕЕВ, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) I ыҥырыылаах дьокутаата, кэмпириэнсийэ бочуоттаах эксперэ:
– Оройуон төрүттэммитэ 85 сылыгар анаммыт кэмпириэнсийэ дакылааттарын ис хоһоонноро, тиэмэлэрэ сөптөөхтүк арылыннылар. Оройуон сайдарыгар олохторун ­анаабыт дьон ыччаттара улаханнык астыннылар. Биһиги бары дуоһуйдубут, махтанныбыт. Ордук ыраах, кытыы нэһилиэк оскуолаларын оҕолоро, учууталлара көхтөөхтүк кытыннылар. Сииттэлэри, куокуйдары уо.д.а.бэлиэ­тиэхпин баҕарабын.
Сииттэлэр дакылааттара саамай элбэх бирииһи ылла. Оскуола бу тиэмэҕэ олус элбэх үлэни ыыппыта киһи хараҕар быраҕыллар. Маладьыастар! Махтал. Эдьиийбитигэр Роза Андреевнаҕа бу улахан үлэни салайан, сүрүннээн ыытарыгар улахан махтал.

Раиса Семеновна ГУРЬЕВА, педиатр-быраас, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын дьокутаатынан, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 1937-1939 сс. улуус бастакы тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Семен Васильевич Афанасьев кыыһа:
– Кэбээйилэр, маладьыастаргыт. Маннык научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэ олоҕор саҥа ньыма диибин. Улуускут, нэһилиэккит салайааччыларын туһунан оҕолордуун, кырдьаҕастыын чинчи­йэн дакылаат оҥорон аахпыккыт олус үчүгэй. Көлүөнэлэр ситимнэрэ көстөр. Оҕону пат­риотическай тыыҥҥа иитиигэ бу маннык үлэлэр элбэҕи биэрэллэр. Бырайыак ааптара олус дириҥ, ырааҕы көрөн толкуйдаан оҥорбута киһиэхэ тутатына тиэрдиллэр.
Ол эрээри, мин санаабар, элбэх хаһыат кэ­­рэспэдьиэннэринэн, тэлэбидиэнньэ суруналыыстарынан өрөспүүбүлүкэҕэ көрдөрөр-иһитиннэрэр сыаллаах оҥоһуллубута буоллар. Тэрээһин олус үчүгэй, мин аҕам туһунан дакылааты суруйбуккар махтал, олус үчүгэй үлэ.

Валера ЛОБОТОВ, Куокуй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ:

-Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт “Заслуга их перед Кобяйским районом бесценна, значение их деятельности непреходяще”, “Сатабыллаах салайааччы, талааннах тэрийээччи Григорий Афанасьевич Иванов”  диэн дакылаатынан кыттан,  иккис истиэпэннээх дипломунан уонна статуэтканан наҕараадаламмыппыттан үөрдүм. Улууспут устуоруйатыгар бэйэтин сүдү кылаатын киллэрбит биир дойдулаахпыт, аймахпыт Григорий Афанасьевич сырдык, үтүө аатын-суолун үйэтитиигэ кылаат киллэрбиппиттэн астынным. Кэмпэриэнсийэ кэмигэр бочуоттаах ыалдьытынан Григорий Афанасьевич кэргэнэ Клара Николаевна Иванова кэлбитэ үөрүүбүн үксэттэ. Научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэҕэ  сылдьан улууспут төрүттэнэригэр төһүү күүс буолбут үтүө-мааны дьоммут туһунан олус элбэҕи биллим, эбиэт кэннэ экскурсияҕа сылдьаммын астынным. Кэмпириэнсийэни тэрийбиттэргэ улахан махтал”.

Иза СЕМЕНОВА, Куокуй орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ:
-Куоракка ыытыллыбыт научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэҕэ кыттаммын олус астынным. Уу тырааныспарын  институтугар аймахтарбын көрсөн, олус интириэһинэй экскурсияҕа сылдьан олус дуоһуйдум. Мин  “Ини-бии Дмитрий Еремеевич, Егор Еремеевич нэһилиэкпит, улууспут сайдыытыгар ” диэн дакылаааппынан кыттан,  иккис истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыппынан үөрдүм. Сиэксийэбэр эмиэ олус интэриэһинэй дакылааттары иһиттим уонна өссө маннык курдук элбэх тэрээһиҥҥэ кытта туруом. Тэрээһинтэн олус астынным”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 сентября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: