Кэбээйитээҕи балыыһа кэлэктиибэ 5 дьааһык бэрэски буһаран ыытта
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр.
Быйылгы хаарга үктэниэхтэриттэн, кинилэр бииртэн биир үтүө дьыалаҕа кыттыһан, быыстала суох волонтерскай үлэни ыыталлар.
Ол курдук кэлэктииби волонтерскай үлэҕэ көҕүлээччитинэн «Үтүө түгэн» түмсүүттэн Надежда Васильевна Обутова буолар. Кини чуолкай дьаһалынан эмчит идэлээхтэрбит байыаннай дьайыыга эмсэҕэлээн, госпитальга сытар уолаттарга атах, илии чохуолларын, гипсэлээх атахха кэтэргэ аналлаах таапачыка-наскылары, бэргэһэлэри быыстала суох баайан, Москваҕа ыытыллар баһыылкаларга биэрэ тураллар.
Аны бэҕэһээ эрэ олохтоох дьаһалта байыаннай дьайыыга ыытар гуманитарнай көмөтүгэр бу кэлэктиип кырата суох көмөтүн оҥордо. «Бэҕэһээ тэрилтэбитигэр дьиэбититтэн ас аҕалан бэрэски буһардыбыт. Онтукпут 5 дьааһык буолла, 360-н тахса бэрэскини буһардыбыт. Уонна сойутан, хаалыы охсон олохтоох дьаһалтаҕа туттардыбыт», — диэн Надежда Васильевна кэпсээтэ.
Кэбээйи нэһилиэгин тэрилтэлэригэр байыаннай дьайыыга кыттыспакка налыйан олорооччу суоҕун кэриэтэ. Бука бары биир үтүө санааны ыраланан түмсүүлээхтик иннибит диэки барабыт.
Татьяна Максимова-Лазарева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: