Салгыы
Көбөкөҥҥө икки бөрөнү бултаатылар

Көбөкөҥҥө икки бөрөнү бултаатылар

14.03.2024, 16:40
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ киэһэ Нам улууһун биллэр бөрөһүтэ, Бөтүҥ олохтооҕо Петр Кириллин үтүө сонуну кэпсээтэ. Ол курдук, бэҕэһээ Көбөкөҥҥө булчуттар түмсэн, “былаах ньыматынан” икки бөрөнү бултаабыттар.

— Ити түмсэн, икки бөрөнү бултаатыбыт. Көбөкөҥҥө. Атыыр уонна тыһы бөрөлөрү. Хата, төрөппөтүбүт, ууһаппатыбыт, тэниппэтибит диэн үөрдүбүт, — диир сорсуннаах булчут Петр Николаевич.

Быйыл кыһын Нам сиригэр-уотугар бөрө аҕыйах, суох да диэххэ сөп. Онон улуус үрдүнэн аҕыйах бултаммыт. Ол эрээри билигин атын улуустартан кэлэн, дьэ, биллэн эрэллэр эбит.  Быйыл Фрунзеҕа биир сылгыны тардыбыттара иһиллэр.

Хаартыска: П.Кириллин ыытта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: