Көбөкөннөр байыаннай дьайыы байыастарыгар көмөлөһөллөр
Саха сирин олохтоохторо байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөрө тохтоло суох оҥоһуллар.
Бүгүн Нам улууһуттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмө аахсыйа чэрчитинэн Көбөкөн нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтэ эми-тому, күннээҕи туттуллар малы-салы аҕалан улуустааҕы Дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыгар Екатерина Евстафьеваҕа туттарда. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Ис сүрэхтэриттэн көмө оҥорор биир дойдулаахтарбытыгар махталбытын биллэрэбит! Санатар буоллахха, сэтинньи ый саҥатыгар 5 киһилээх бөлөх байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, тирэх пууннарга уолаттарбытын көрсө, көмө тиэрдэ айанныаҕа», — диэн этэллэр Нам улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: