“Көөчөөннөр” – ыалдьытымсах дьонноох  Муомаҕа

Share

Майатааҕы Аркадий Новиков тэрийбит «Көөчөөн көрө» норуодунай мини-тыйаатыра олунньу 16-24 күннэригэр тус хоту, көҕөрөн көстөр хайалардаах Муома, Томпо, Өймөкөөн, Абый улуустарын чулуу, хоһуун, ыалдьытымсах дьонугар-сэргэтигэр икки бырагыраамалаах кэнсиэринэн сылдьан кэллибит.

Ол курдук Муома улууһун Төбүлэх, Хонуу,  Буор Сыһыы, Орто Дойду (Сайдыы), Соболоох, Абый улууһа, Кэбэргэнэ, Өймөкөөн улууһун Төрүт, Томпо улууһун Кэскил нэһилиэктэригэр сырыттыбыт. Айаммыт-сырыыбыт олунньу 15 күнүгэр, киэһэ 20:30 чаастан Аллараа Бэстээхтэн саҕаламмыта. Суоппарбыт Муома олохтоох уола Алексей Федоров, эрэллээх,  ыраах сындалҕаннаах айаҥҥа үөрэммит, хоту дойду айанын ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр уопуттаах суоппар. “Көөчөөн көрө” тыйаатыр артыыстара сыыдам сырыылаах суоппарбытыгар эрэнэн айаннаатыбыт. Айаҥҥа утуйан, сарсыарда суһуктуйуута уһуктан кэлэн харахпытын аспыппыт доҕоор, сүрэҕи өрүкүтэр, санааны манньытар хайалар быыстарынан айаннаан иһэр эбиппит. Оо киһи дуоһуйар, астынар көстүүтэ!

Аара айаннаан иһэн Уус Ньара быраҕыллыбыт дэриэбинэ курдугун көрөн сөхтүбүт. Улуус киинэ диэтэххэ киһи хараастар хартыыната. Хаһан эрэ тигинээн-таҕынаан олорбут улуус буоларын хороһон хаалбыт турбалар, самнайбыт, быраҕыллыбыт дьиэлэр, элбэх теплица омоонноро туоһулууллар.

Оннук айаннаан күнүс 16 чааска Чуумпу Кытыл дэриэбинэҕэ тиийдибит. Кулууп үлэһитэ Марыына Мэхээйэлэбинэ, нэһилиэк Баһылыга Петр Владимирович Никифоров сылаас ытыстарыгар түһэрэ көрсөн үөрүүбүт үксээтэ. Олохтоохтор истиҥ сыһыаннарыгар бигэнэн,  бэртээхэй үөрүүнү, көр күлүү киэһэтин кэтэспит дьоҥҥо бэлэхтээтибит.

Сарсыныгар 10 чаас саҕана Хонууга тиийэрдии туруннубут. Икки хайа быыстарынан, икки ардынан айан киһи өйүгэр санаатыгар умнуллубаттыы иҥэр эбит. Оннук кырасыабай көстүү аһылла түстэ. Индигир устун, аалай күөх халлаан тэҥэ сып сырдык, ып-ыраас муус, икки өттүгэр араас быһыылаах хайалар, биэрэк кытыыта, Индигир эбэ күүстээх сүүрүктэрэ мүлүрүтэн төгүрүк оҥортообут төп-төгүрүк таастара кэчигирээн сыталлар. Сайыҥҥы халлаан курдук ып-ыраас күөх халлааҥҥа, ойуу буолан түһэр былыттар — дьэ үтүө көстүү. Киһи тылынан кыайан да ойуулаабат кэрэтиттэн сүрэх үөрэр, санаа манньыйар. Тохтоон сирбитин маанылаан, арыылаах алаадьынан күндүлээн баран кыһын эрэ сылдьар суол устун айылҕа кэрэтин ааҕа көрө айаннаатыбыт. Хайалар быыстарынан эрэ ыырданар күүстээх тыал сэрэнэн айанныыр көлөбүтүгэр көмөлөһөн биэрэрдии кэннибититтэн сирилэччи үрэр. Хаҥас өттүбүтүгэр оруобуна, киһи сирэйин ойуулаан оҥорбут тэҥэ таас, улахан таас  дьиктиргии көрөн атаара хаалла…

Муома улууһун Хонуу нэһилиэгэр дьиҥ айылҕа оҕолоро, Саха киһитин сиэринэн олус да үтүө мааны санаалаах Далбар хотуттара, Арчы дьиэтигэр хонор-өрүүр сирбитин булааппытын, көмүлүөк оһоҕу тигинэччи отуннулар. Арчы дьиэтин салайааччыта Ирина Николаевна үтүөнү эрэ үөтэн, үчүгэйи эрэ санаан, үйэлээҕи эрэ анаан алгыс түһэрэ көрүстүлэр. Быһа түһэн эттэххэ Ирина Николаевна, Мэҥэттэн төрүттээх кыыс. Эдэр сааһыгар Муомаҕа кийииттээн, иккис дойду оҥостон, Муома дьонун-сэргэтин, айылҕатын сөбүлээн олохсуйбута. Уола Николай тыйаатыр үлэһитэ. Хонук сирбитигэр төттөрү-таары таһан, кэлиигэ-барыыга көмө буолан абырыан абыраата. Арчы дьиэтигэр 3 хонон, олус атаахтаан, маанылатан сырыттыбыт. Хаһан да өйтөн сүрэхтэн умнуллубат, күөх хайалардаах Муома дьоно истиҥник-итиитик, киһи дууһата үөрэ көтөҕүллэрдии көрүстүлэр. Өрүү итии чэй, кофе, морс, хомпуот утахтартан саҕалаан ас арааһын остуол хотойорунан тардаллар. Кыргыттарга анаан туспа хаппахчыга орон бэлэмнээбиттэр. Сылааска хонон, өрөөн, суунан-тараанан абыранныбыт.

Буор Сыһыыга да буоллун, Сайдыыга, Соболооххо да буоллун кулууп үлэһиттэрэ, баһылыктар кэлэрбитин кытары үөрэ, сэргии көрсөллөр. Итии чэйдээх, араас астаах остуолга олордоллор. Күндү көрөөччүлэрбит, истиҥ истээччилэрбит олус сэргэх, үөрунньэҥ дьон буолан биэрдилэр.

Ити нэһилиэктэргэ кэнсиэрт кэннэ түүннэри айаннаан, 2:30 Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр кэллибит. Эмиэ остуол тардан түүнүн түүн диэбэккэ хомулла охсоннор, үлэлэригэр олус бэриниилээх кулууп үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр. Салайааччы Анна Иннокентьевна биһикки Маша, Сергей диэн үс оҕолоох эдэр ыалга эмиэ олус маанылатан, атаахтаан хоннубут. Түгэнинэн туһанан махталбытын биллэрэбит.

Муома улууһугар анаан кэлэн баран өссө 3 улууһу өҥөйөн, Өймөкөөн, Томпо, Абый күндү күлүүктэрин көрсөн сэргэхситэн, күллэрэн аастыбыт. Биһиги икки бырагыраамалаах сырыттыбыт. Дьиэ кэргэн сылыгар анаан 17 чаастан “Былыыр былыр уонна быйыл» кэмиэдьийэ испэктээкил, 19 чаастан «Кэлиҥ, күлүҥ» концерт. Күн аайы иккиэннэрин көрдөрдүбүт. Аркадий Новиков үөрэнээччилэрэ Афанасий Андреев, Аян Стручков “убайдарын» нүөмэрдэрин көрдөрөн дьон биһирэбилин ылыахтарын ыллылар.  Сылдьыбыт кулууптарбытыгар Аркадий Новиков айар үлэтин, олоҕун сырдатар хаартыска альбомун бэлэх ууннубут. Хоту дойду ыалдьытымсах, сайдам санаалаах дьоно күөл эмис чыырынан, уомулунан күндүлээтилэр, эбиитин дьиэбитигэр, дьоммутугар кэһиилээх ыыттылар. Биһигини сайыһа, атаара хааллылар.

Нэһилиэктэр икки ардыларын суоллара ыраах буолан үксүн түүннэри айаннаатыбыт. Ханна да сырыттарбыт, тиийдэрбит тыйаатыры төрүттээбит, саха киинэтэ сайдарыгар улахан өҥөлөөх, бэйэтин кылаатын киллэрбит, “Сааскы сирэйдэр” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл ааптара Аркадий Новиковка анаан,  Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтата көҕүлээһининэн туруоруллар боруонса өйдөбүнньүк туһунан сырдаттыбыт. Саха саарына үйэтитиллэрин туһугар саха дьоно биир сомоҕо буолан, бу пааматынньыкка кыттыһан, кэлэр көлүөнэ ыччакка кэрэни, өйдөбүлү хаалларыаҕыҥ диэн ыҥырдыбыт. «Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ”диэн туран, бука бары кыттыһыҥ, инникитин эһиги киэн туттуугут буолуо диэн күндү хаһыат ааҕааччыларын бу бачыымҥа кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.

“Көөчөөн көрө” мини тыйаатыр салайааччыта, Анна Охлопкова бу сырыы туһунан маннык ахтар:  “Мин 35 сыл тухары маннык үчүгэйдик, икки бырагырааманан астына үлэлээн кэлбиппитин, оһуобайдаах айылҕа кэрэтин көрбүппүтүн, далбарга сылдьыбыппытын өйдөөбөппүн… Бары да олус чэпчэкитик, үөрэ-көтө сырыттыбыт. Урукку өттүгэр, уһун айаҥҥа өрүү кыһалҕа элбэх буолар этэ. Суоппарбытыгар, күндү күтүөппэр Лёхаҕа таба тайанан табылынныбыт, суолга-иискэ эрэйдэммэккэ. Онон барҕа махталбытын, бэйэтэ тылланан тэҥэ туран дойдутугар илдьэ сылдьыбытын иһин Алексей Николаевичка барҕа махталбын тиэрдэбин! Өрүү да маннык аһаҕас,  көнө майгылаах,  хоһуун, элэккэй буол! Хоту дойду үтүө санаалаах дьоно-сэргэтэ өрүү  үүнэ сайда, чэчирии туруҥ. Көрсүөххэ диэри, доҕоттор!»

Сардана Алексеева,

СӨ култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, “Көөчөөн көрө” мини-тыйаатыр артыыската.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

29 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

32 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago