Кэҕэ, ньургуһун көмөтүнэн күнү-дьылы билгэлээҥ
Аныгы сахалар айылҕаттан тэйэн, эппит-сииммит бүөлэнэн, өбүгэлэрбит курдук тулалыыр эйгэбитин дьылы, сылы уҥуордаан көрбөт буоллубут. Саас, чуолаан, ыам ыйыгар сыһыаннаах диэн санааттан, бүгүн кэҕэ уонна ньургуһун көмөтүнэн күнү-дьылы билгэлээн, кэтээн көрүүнү билиһиннэрэбит.
— Куһаҕан дьыл буолар сааһыгар кэҕэ аҕыйахтык этэр.
— Кэҕэ быыстала суох тохтообокко эттэҕинэ, кураан күннэр уһуннук турааччылар.
— Кэҕэ кэлэҕэйдиир буоллаҕына, сотору ардыыр.
— Ньургуһун биир олохтон хойуутук (уон түөрт, уон биэс) үүннэҕинэ, кэлэр сайын өҥ, үүнүүлээх буолар.
— Ньургуһун саас эрдэлээн тыллан иһэн кэҕиннэҕинэ, кэлэр сайын тыаллаах-куустаах, хаҕыс, кураан буолар, өрт уота элбиир.
— Ньуругуһун сибэккитэ арылыннаҕына, бааһынаны хорутарга сөп буолар.
— Ньургуһун сэбирдэҕэ улахан уонна ньалҕаархай буоллаҕына, үчүгэй сайын буолар.
— Ньургуһун хойуутук тахсыбыт эбэтэр сайын сибэкки арааһа элбэх буоллаҕына, күһүнүгэр сир аһа өлгөм буолар.
— Ньургуһуна суох, үрүмэччи аҕыйах сааһыгар хара хапсыырдаах, тымныы, хаҕыс саас буолар.
— Ньургуһун, алтан от сааһыары сайын иккистээн таҕыстаҕына, өҥ сайын кэлэр.
— Ньургуһун, онтон да атын сир симэҕэ оттор атырдьах ыйыгар хойуутук тахсыбыт буолахтарына, сыһыыга үөн-көйүүр элбиир, тыаҕа тэллэй хойуутук тахсар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: