Дьааҥы 700-тэн тахса олохтооҕо доруобуйатын көрдөрдө

Share

Дьааҥы улууһун 700-тэн тахса олохтооҕо КАМАЗ массыынанан көһө сылдьан көрөр мэдиссиинэ комплексыгар доруобуйаларын көрдөрдүлэр.

Былырыын Дьааҥы улууһугар маннык анал көлө (мэдиссиинэ комплекстара КАМАЗ массыынаҕа таҥыллыбыттар) ахсынньыга тиийбитэ. Онон мэдиссиинэ үлэһиттэрэ ыраах нэһилиэктэргэ тиийэн дьон-сэргэ доруобуйатын көрөр кыахтаммыттара. Сыл кэриҥэ үлэҕэ оройуон 713 олохтооҕо сылдьыбыта бэлиэтэнэр. 833 лабораторнай чинчийии оҥоһуллубут. Бу туһунан оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Докторов иһитиннэрбит.

Ил Дархан Айсен Николаев көһө сылдьар мэдиссиинэ комплекстарынан уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга хаачыстыбалаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу кыаллымтыа буоларын, бу хоту улуустарга олус наадалааҕын бэлиэтээбитэ. Маныаха доруобуйа туругун бэрэбиэркэлэтэргэ нэһилиэк, сэлиэнньэ олохтоохторо оройуон киинигэр айанныы соруммакка, кинилэргэ «көлүөһэлээх балыыһа» бэйэтэ кэлэр.

«Мобильнай мэдиссиинэ комплекса баар буолан, быраастар биригээдэлэрэ оройуон саамай ыраах сэлиэнньэлэригэр: Суордаахха, Сайдыыга, Томторго (Дулҕалаахха), Балаҕа (Арыылаахха) тиийэ сырыттылар. Табалаахха табаһыттары көрдүлэр-иһиттилэр. Быйыл кыһыҥҥы суол-иис турда да, ыраах нэһилиэктэргэ барыыны саҕалыахпыт«, − диир кылаабынай быраас. Сайыҥҥы кэмҥэ мобильнай комплекс чугастааҕы нэһилиэктэргэ сылдьыбыт.

Владимир Докторов нэһилиэнньэҕэ диспансеризацияны ыытыыга, доруобуйаны көрөргө көһө сылдьар комплекс мэдиссиинэ тэрилинэн, миэбэлинэн толору хааччыллыбытын этэр.

«Тэрил барыта туһаныллар. ЭКГ оҥоһуллар. Гинекологическай хос баар. Эбии УЗИ аппараатын илдьэ сылдьабыт. Наада буоллаҕына, миэстэтигэр тута көрөбүт«, − диэн этэр.

Быраастар анаалыһы миэстэтигэр ылаллар, онно  лабораториялаах. Түмүгү манна бэйэтигэр тута биэрэллэр, онон үлэ түргэн.

«Нэһилиэнньэ көһө сылдьар комплекс үлэтин, диспансеризация маннык ньыманан ыытылларын сөбүлүүр.  Хосторо, тэриллэрэ аныгылар. Манна коронавируһу утары быһыыны, ревакцинацияны оҥоруу ыытыллар. Билигин кирииби, ОРВИны утары быһыылары оҥоробут«, − диэн этэр Владимир Докторов.

Маны сэргэ, кылаабынай быраас хотугу оройуоҥҥа КАМАЗ сылдьар кыахтааҕын ыйар: «Салгын сыттыктаах буолан, айанныырга үчүгэй, сымнаҕас. Быраастарбыт үлэлииргэ үчүгэйин бэлиэтииллэр«, − диир кини.

Санатан эттэххэ, «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иитинэн, Саха сиригэр 14 «КАМАЗ» массыынаҕа таҥыллыбыт мэдиссиинэ комплекса кэлбитэ. Бүгүн көһө сылдьан доруобуйаны көрөр-истэр мобильнай комплекстар Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Ленскэй, Уус Маайа, Дьааҥы оройуоннарын киин балыыһаларыгар үлэлииллэр.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

Хаартыскалар Дьааҥы оройуонун киин балыыһатыттан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago