Көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплекс Уус Алдаҥҥа үлэлээтэ

Share

Уус Алдаҥҥа оройуоннааҕы киин балыыһа мэдиссиинискэй үлэһиттэрэ нэһилиэнньэҕэ ыарыыттан харыстанар, сэрэтэр үлэни сыла быһа ыыталлар.  Онтон “КамАЗ” массыына базатыгар  көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплексынан  ыраах сытар сэлиэнньэлэргэ тиийии  булгуччулаах эрэ буолбакка, нэһилиэнньэни кытары  кэпсэтэр үтүө үгэскэ кубулуйда.

Улуус киин балыыһатын исписэлиистэригэр  ааспыт нэдиэлэ олус интэриэһинэй уонна түбүктээх буолла. Быраастар уонна мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ Суотту уонна Майаҕас сэлиэнньэлэригэр сырыттылар. Мэдиссиинискэй көрүүгэ кардиолог, эндокринолог, терапевт, УЗИ, онколог, офтальмолог быраастар уо.д.а. үлэлээтилэр.

Киин балыыһа кылаабынай бырааһа Анна Саввична Петрова иһитиннэрбитинэн,  мэдиссиинэ маннык чинчийиилэрэ араас ыарыыны эрдэттэн буларга эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ олохтоохторун доруобуйаларын уопсай туругун быһаарар кыаҕы биэрэллэр.

«Сэлиэнньэ хас биирдии олохтооҕо кэриэтэ бэйэтэ хаһаайыстыбалаах, үгүстэр улуус киинигэр доруобуйаларын көрдөрүнэ киирэр кыахтара суох. Онтон элбэх киһи ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылаах, ону хонтуруоллуохха наада  уонна сорохторугар эмтэрин уларытыы ирдэниллэр. Онон, эмчиттэр хас биирдии сырыылара —  олохтоохтор  мэдиссиниискэй чничийиини баралларыгар бэриллэр кыах.  17 киһи эбии көрдөрүнэрэ быһаарылынна.

Биллэн турар, маннык чинчийиилэр көмөлөрүнэн ыарыы эрдэ булуллуон сөп уонна көрдөрбүт дьон  доруобуйаларын туругун билэр, диспансер учуотугар турар уонна суһал дьаһаллары ылынар кыахтаналлар.

Санатан эттэххэ, “Диагностика”  мобильнай комплексы Уус Алдан улууһун оройуоннааҕы киин балыыһата “Доруобуйа харыстабыла” национальнай   бырайыак чэрчитинэн ылбыта. Эмчиттэр СӨ Бырабыыталыстыбатыгар өйөбүллэрин иһин  махтаналлар.

Мэдиссиинискэй комплекс  дефибриллятордаах, электрокардиографтаах, гинекология кириэһилэлээх,  ону сэргэ гемоглобины, глюкозаны, холестерины быһаарар анализатордаах.

«Үгүс эмтэнээччигэ  бу ордук буолуоҕа, ол эбэтэр направлениелаах дьону туһааннаах күннэргэ уочарата суох көрүөхпүт, КТ аппараакка уонна ренгтеҥҥэ түһэриэхпит. Кинилэр толору диспансеризациянан хабыллыахтара. Наада буоллаҕына, Дьокуускайга эбии чинчийиигэ ыытыахпытын сөп”, — диэн Анна Саввична иһитиннэрдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар

Муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

38 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Дьоллоох Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы кэпсээннэрэ, Николай Неустроев уонна Низами Гянджеви

- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» хампаанньаҕа махтанна

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» национальнай ньиэп уонна гаас хампаанньатыгар тус махталын биллэрдэ. Туһааннаах дьаһал…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Өрөгөй хомус» хомус уустарын уус-уран оҥоһуктарын күрэхтэһиитэ саҥа саҕахтары арыйар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ тэрийиилэринэн, 2025 с.…

2 часа ago