Салгыы
Көһөҥө талаан бириискэҕэ арыллыбыта

Көһөҥө талаан бириискэҕэ арыллыбыта

Ааптар:
10.11.2024, 15:00
ХААРТЫСКА: НИКОЛАЙ РУМЯНЦЕВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

«Бочуот Знага» уордьан кавалера, сахалартан бастакы «БелАЗ» массыына суоппара, белазистар биригээдэлэрин биригэдьиирэ, «Алданзолото» кэмбинээккэ сахалар национальнай экипажтарын тэрийсибит Николай Николаевич Румянцев сырдык кэриэһигэр ананар.

1976 сыллаахха «Якут­золото» холбоһук генеральнай дириэктэрэ Тарас Десяткин көҕүлээһининэн, саха ыччатын бырамыысыланнас­ка сыһыарыы саҕаламмыта. СПТУ-1 иһинэн «БелАЗ»  массыына суоппардарын бэлэмниир бөлөх тэриллибитэ. Бөлөҕү Тарас Десяткин бэйэ­тэ көҕүлээн, курсааннар бары орос­куоттарын төлөөн астарбыта. Үөрэтэр массыына биэрэн, быраактыкаларын, кэлэр-барар айаннарын уйунан үөрэттэрбитэ.

Салалта миэхэ уустук дьаһаллары биэрэрэ. Биирдэ от ыйын саҥатыгар бөлөхпүн генеральнай дириэктэр Тарас Десяткин бэйэтэ анаан «прием­наабыта». «Билигин, дьэ, хоту-соҕуруу бириискэлэргэ барыаххыт, онно Сойуус араас муннуктарыттан араас омук дьонун кытта үлэлиэххит», – диэн туран, көмүс хайдах хостонорун туһунан элбэҕи кэпсээбитэ уонна омуктарга баһыйтарбат гына үчүгэйдик үлэлээҥ диэн алҕаабыта.

Коля Румянцев киһи хараҕар тута быраҕыллар дэгиттэр талааннааҕа. Үөрэҕэр лаппа үчүгэй, бөлөххө биир көхтөөх, инники күөҥҥэ сылдьар уол этэ. Үөрэх кэннэ Колялаах Аллараа Кураанах автобаазатыгар ананан сэттиэ буолан барбыттара. Өр буолбатаҕа, куратор Алексей Семенович Румянцев Коляны олус хайҕаан кэпсиир буолбута. Биирдэ: «Автобааза салалтата «это не Румянцев, а самородок» дииллэр», – диэн кэп­сээн үөрдүбүтэ. Сотору Коля белазистар биригээдэлэрин биригэдьииринэн анаммытын истибиппит. Николай Румянцев биригэдьиирдээх сахалар биригээдэлэрэ тэриллэн үлэлээн эрэрэ училищеҕа иһиллибитэ. Онтон 1981 сыллаахха Николай Николаевич Румянцев таһаарыылаах үлэтин иһин Сэбиэскэй Сойуус Бырабыыталыстыбатын  «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаланан, биһиги кининэн киэн туттубуппут. Холбоһук салалтата, оннооҕор Тарас Десяткин, Коля Румянцев туһунан киэн туттан кэп­сиирэ. Ити сыл генеральнай ди­­риэктэр биригэдьиир Николай Румянцевы Свердловскай куоракка Сэбиэскэй Сойуус өҥнөөх металлургиятын үлэһиттэрин Бүтүн Сойуустааҕы мунньаҕар дэлэгээссийэҕэ киллэрэн илдьэ баран, кини үлэтин уопутун иһитиннэрбитэ.

Онон Николай Румянцев сахалартан бу ыарахан идэҕэ суолу солообуттартан биирдэс­тэринэн, оччотооҕу бырамыысыланнаска үлэлиэн баҕарар ыччаттарга ыҥырар сулуһунан буолбута.

Коля Аллараа Кураанахха үлэлии сылдьан Өймөкөөн Томторуттан төрүттээх Муся диэн кыыһы кэргэн ылбыта. Марфа Моисеевна үрдүк үөрэхтээх физика учуутала, кинилэр икки уол оҕоломмуттара.

Сахалартан бастакы белазист, биригэдьиир Н.Н. Ру­-мянцев сырдык мөссүөнэ, мичээрэ биһиги өйбүтүттэн сүппэт.

Маастар-настаабынньык Василий Мигалкин.

*  *  *

1976-1977 сылларга СПТУ-1 баазатыгар белазистар куурустарыгар үөрэнэн, «Алданзолото» көмүһү хостуур руднигар тиийэн, Уус Алдан улууһун биир чулуу уолун Николай Румянцевы кытта алтыһан, бииргэ үлэлээн турабын.

Үлэҕэ ананан тиийээппитин кытта, «БелАЗ»-ка стажировкаланан барбыппыт. Ол кэннэ «БелАЗ»  массыыналарга ананан,  27 туонна уйук­таах урууданы таһар тиэхиньикэҕэ олорон үлэбитин саҕалаабыппыт.

Иккис сылбытыгар Николай Николаевичка саҥа 40 туонна уйуктаах «БелАЗ» биэрэннэр, Коля биһигини ылан, туспа ыччат-комсомольскай экипаһын, бастакы саха экипаһын тэрийбитэ.

1981 сыллаахха Николай Румянцев социалистическай күрэхтэһиигэ ситиһиитин иһин, «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта. Онтон ыла сахалары ытык­таан, саҥа «БелАЗ»-га  бэйэбит тус-туспа экипаж тэринэн, үлэлээн барбыппыт. Николай Румянцевы сүүрбэччэ «БелАЗ» массыынаны  салайан үлэлэтэр биригэдьиир оҥорбуттара. Ол курдук, сахаларга тарбахха баттанар биир уһулуччу үлэһит буола үүммүтэ.

Коля биһиги кэккэбититтэн туораатар да, биһиги кинини мэлдьи өйдүү-саныы сылдьыахпыт, киэн туттуохпут.

Алексей Азаров, “Норуоттар доҕордоһуулара» уордьан кавалера.

*  *  *

Мин «Алданзолото» тэрилтэ Аллараа Кураанахтааҕы автобаазатыгар үлэлии тии­йэрбэр Николай Румянцевтаах онно үлэлии сылдьаллара. Саҥа кэлбит оҕолор билбэппит элбэх буоллаҕа. Онно Николай Румянцев сүбэ-ама буолара. Бу үлэлии сылдьан биир дьиэ­ҕэ кыбартыыра ылан, кинилэр үһүс этээскэ, биһиги иккис этээс­кэ – куоракка кэлиэхпитигэр диэри ыаллыы олорбуппут. Кинилэр икки уол оҕолоохтор, биһиги – уоллаах кыыс. Оҕолор оскуолаларын бүтэриэхтэригэр диэри бииргэ улааппыттара.

Николай киһи быһыытынан үтүө киһи. Куоракка кэлэн баран куруук көрсөн, эдэр сылдьан үлэлээбиппитин истиҥник ахтан-санаан ааһар этибит. Кураанахха үлэлээбит уолаттар сылга биирдэ мустан, көрсөн-кэпсэтэн ааһарбыт.

Бииргэ алтыһан үлэлээбит саха уолаттара Николай Румянцевынан наар киэн тутта саныыбыт.

Дмитрий Туласынов, РФ тырааныспарын үтүөлээх үлэһитэ.

*  *  *

Мин Аллараа Кураанахха 1979 сыл күһүнүгэр үлэлии тиийбитим. Онно Николай Румянцев ыччат-комсомольскай экипааһын салайан үлэлэтэ сылдьара. Экипажка Иван Индеев, Алексей Азаров диэн бастыҥ көрдөрүүлээх үлэлээх уолаттар бааллара. Салгыы Николай Николаевич биригэдьиир  буолбута. Кини «Якутзолото» тэрилтэҕэ аан бастакы уордьаннаах белазист, бастыҥ үлэтинэн сахалар да сир баайын хостооһунугар үлэлиэхтэрин сөп дэппит дьонтон биирдэстэринэн буолбута. Киһи быһыытынан элэккэй, наар сүбэлиир, көмөлөһөр киһибит этэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри билсэ, кэпсэтэ сылдьыбыппыт.

Николай Семенов-Наахара Коля, «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ белазиһа.

*  *  *

1977 сыллаахха белазистар куурустарын бүтэрбит эдэр дьону, «Якутзолото» тэрилтэ бириискэлэригэр анаталаабыттара. Биһиги испитигэр Коля Румянцев диэн Уус Алдан Өспөҕүттэн төрүттээх уол үөрэммитэ, салайар та­­лааннааҕа, дьаһаллааҕа оччолортон биллэрэ, лиидэрбит этэ. Кини «Алданзолото» Аллараа Кураанахтааҕы ГОК-ка ананан барбыта. Онно инники күөҥҥэ сылдьыбыта, уопсастыбанньык, салайааччы талаана арыллыбыта. Кини идеятынан экскаватор аайы «БелАЗ»-ры сыһыараннар, комплекснай биригээдэлэри тэрийбиттэрэ. Онно биир биригээдэҕэ кини биригэдьииринэн анаммыта. Коля биригээдэтэ хас дэкээдэ аайы бастыыра. Сотору Колябыт «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта.

Кэнники ыарытыйар буолан, Колябыт Дьокуускайга көһөн үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран дойдутугар Уус Алдаҥҥа олорон, эмискэ биһиги кэккэбититтэн туораата. Колябыт сырдык мөссүөнүн, дьоҥҥо аламаҕай сыһыанын тыыннаахпыт тухары өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Александр Прокопьев.

*  *  *

Мин СПТУ-1 «БелАЗ» бөлөҕөр 1981 сыллаахха үөрэнэ киирбитим. Онтон саас кулун тутар ый бүтүүтэ произ­водственнай быраактыкаҕа Алдан куоракка барбыппыт. Онно тиийэн Николай Румянцевы кыта билсибитим. Кинини кытта убайым Николай Семёнов автобаазаҕа «БелАЗ» массыынаҕа үлэлии сылдьара. Алексей Азаров, Дима Тулааһынап, Кеша Свинобоев, Саша Павлов, Саша Прокопьев, Коля Решетников, Коля Дьяконов, Толя Прокопьев, о.д.а. уолаттар бааллара.

Быраактыка бүтэн, сайын белазист быраабын ылан баран, күһүн алтынньы ыйга Аллараа Кураанахха үлэлии барбытым. Дьэ, онтон ыла Николай Румянцевы кытта 15 сыл бииргэ үлэлэбиппит.

Кини 40 туонна уйук­таах «БелАЗ» массыыналар үс холуон­наларыттан бииригэр биригэдьиир этэ. Кини холуонната социалистическай күрэхтэһиилэргэ үксүн бастыыра. Коля бастыҥ үлэтин иһин «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта.

Колялааҕы кытта дьиэ кэргэнинэн доҕордоһор этибит. Оҕолорбут Аллараа Кураанахха төрөөбүттэрэ, үөрэммиттэрэ. Кэнники Дьокуускайга кэлэн Мэдиссиинэ кэллиэһигэр завхоһунан үлэлээбитэ. Салгыы Найахы оскуолатыгар завхоһунан, Бороҕоҥҥо харабылынан үлэлии сылдьан эмискэ биһиги кэккэбититтэн туораата. Доҕорбутун тыыннаахпыт тухары өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Кирик Никаноров.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: