Көһөрүллэ сылдьар автокулууптар көдьүүстэрэ улахан
Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ 2022 сыллааҕы «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн баар буолбут автокулууптар көхтөөхтүк кытыннылар. Бу тэрээһиҥҥэ кыттар сыалтан кинилэр ыраах сири айаннаан тиийдилэр.
Бу ыһыахха бары улуустартан бэрэстэбиитэллэр кэлэн кытыннылар. Хас биирдии улуус туох эмит тэрээһини тэрийиигэ сыһыарыллан үлэлээтилэр. Холобур, автокулууп баазатыгар олоҕуран, Уус Алдан улууһун дэлэгээссийэтэ хомусчуттар куонкурустарыгар аналлаах сыана былаһааккатын тэрийбит.
— Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык ыытыы барыбытыттан улахан эппиэтинэһи эрэйэр. Быйылгы тэрээһин олус ыраах ыытыллыбытынан уратылаах. Тэрээһиннэри ыытыыга улуустары кытыннардыбыт, бары бэркэ үлэлээтилэр. Автокулууптар араас хабааннаах куонкурустары тэрийиигэ улахан көмөнү оҥордулар. «Култуура» национальнай бырайыак бары өттүнэн көдьүүстээҕин толору итэҕэттэ, — диэн СӨ култууратын миниистирэ Юрий Куприянов санаатын үллэһиннэ.
Санатар буоллахха, автокулуубу икки эрэ киһи (суоппар уонна звукорежиссер) таҥан туруорар кыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: