Кэһии
Биир үтүө күн кэһии туттум. Буостам дьааһыгыттан “Саха сирэ” хаһыат анал таһаарыытын.
Бырабыыталыстыба отчуотун уу сахалыы кылгатыллан суруллубутун туттум. Алта балаһаҕа ситиһиилэр сиһилии суруллубуттар. Бүтэһик сирэйгэ быйыл ханнык соруктар туралларын туһунан билистим. Аахтым, астынным, сэргэхсийдим.
Бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ улуустары, нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан тугу үлэлии-хамсыы олороллорун кэпсииллэрэ кэрэхсэбиллээх.
Бу улахан докумуону сахалыы таһааран, сахабыт тыла сайда турар кэскиллээҕин “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ өссө төгүл дакаастаата.
Биир аанынан киирэр-тахсар сүүрбэ ыалтан, анаан-минээн бу хаһыаты ала-чуо миэхэ, чуҥкуйан олорор оҕонньорго, аҕалан биэрбиттэригэр хаһыаты тарҕатааччыларга эмиэ махтанабын!
Туой Хайа Дьөгүөрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: