Көхтөөх, хамсаныылаах олох нэдиэлэтэ биллэрилиннэ
10.01.2025, 13:15
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Доруобуйа харыстабылын Бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) сүбэлииринэн, нэдиэлэҕэ кырата 150 мүнүүтэ сөбүгэр соҕус эбэтэр 75 мүнүүтэ күүстээхтик хамсанарга сүбэлиир.
Ол туох суолталааҕый?
“Киһиэхэ хамсаныы-имсэнии тиийбэтэ үгүс ыарыы уонна эрдэ өлүү биир сүрүн төрүтүөнэн буолар. Сөптөөхтүк хамсаммат, эти-сиини эрчийбэт дьон өлүүтэ, успуордунан көхтөөхтүк дьарыктанар дьону кытары тэҥнээтэххэ, 33% элбэх. Ону таһынан онкология ыарыылара үөскүүр кутталын улаатыннарар.
Онуоха булгуччу спортсмен буолар наадата суох. Сүрүнэ – куруук хамсана-имсэнэ сылдьыы, элбэхтик хаамыы. Көннөрү да хаамыы, ууга харбааһын, сүүрүү, үҥкүү, бэл, дьиэҕэ үлэлээһин – бу барыта биһиги доруобуйабытыгар туһалаах”, — диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: