Салгыы
Көхтөөх Күндээдэҕэ

Көхтөөх Күндээдэҕэ

21.12.2024, 19:00
Хаартыска:
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү өрүһү туораан, сэлиэнньэ хабайар хаба ортотунан ааһар. Онно көрдөххө, элбэх саҥа тутуулардаах, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан, хоп курдук дьаһанан олорор нэһилиэк.

Туох-ханнык саҥа тутуулар баалларый диэн сыныйан көрдөххө, кэнники үс сыл иһигэр тутуллан киирбит 176 миэс­тэлээх таас оскуола, 50 миэстэлээх уһуйаан, быраастаах амбулатория дьиэлэрэ дьэндэһэллэр. Механизатордар уулуссаларыгар 1,3 килэмиэтирдээх сир оҥоһуллубут.

Нэһилиэккэ тыа хаһаа­йыстыбатын сайыннараллар. И.Николаев-Бытык Уйбаан аатынан «Күндээдэ» АУо 600-тэн тахса сүөһүлээх, сылгылардаах, сайылыктардаах, сылгы баазалардаах улахан хаһаа­йыстыба. Маны тэҥэ, бааһынай хаһаайыстыбалар бааллар.

«Влада» сыах сылга 600 туон­наттан тахса үүтү оҥорон таһаарар. Улуус 1000-тан тахса туоннаны оҥорон таһаарар буоллаҕына, улахан аҥаарын «Влада» оҥорор.

Нэһилиэк баһылыга Яков Евгеньевич Замятины кытта кэпсэттибит.

– Сыал-сорук туруорунан, тыа сиригэр көмөлөөх бырагыраамалары кытта үлэлэһэбит. Улууска үчүгэй үлэтинэн биллэр кулууппут дьиэтэ хапытаалынай өрөмүөннэнэригэр «Култуура» национальнай бырайыакка киирсэ сылдьабыт.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар 6 дьиэ­ни киллэрдибит. Этэҥҥэ аастаҕына, 2026 сылга барыта 25 кыбартыыра олохтоохторо саҥа дьиэҕэ көһүөхтээхтэр.

Тырааныспар министиэрис­тибэтин бырагырааматыгар киирсэ сылдьабыт, табылыннаҕына, киин уулуссабыт өрөмүөннэниэ этэ.

«Үтүө дьыала» бырагырааманан спортивнай саала тутулла турар. 2027 сылга Ньурба улууһугар ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын спартакиа­датын теннискэ күрэхтэһиитэ бу саалаҕа буолуоҕа.

Быйыл өрүс үрдүгэр турар Ийэ искибиэрин бүтэрдибит. Улууска Көҕүлээһин сылын биллэрэн, 1 мөлүйүөн солкуобайы биэрбиттэрэ, ону туһанныбыт. Сэлиэнньэҕэ киирэр аартыкка «Күндээдэ» диэн суруктаах стела тутарга Олохтоох көҕүлээһин бырагырааматыгар сайаапкаластыбыт, аастаҕына, бу кэлэр сайын тутабыт.

Икки сыл сыралаһан, нэһилиэк генеральнай былаанын оҥорон, улахан үлэни үмүрүттүбүт. Сыана үрдүү илигинэ, хата, тыраахтар, уу таһар массыына ылбыппыт.

Кыһалҕалары быһаарыы

– Туох кыһалҕалар баал­ларый?

– Биир сытыы кыһалҕабыт – бэкээринэбит суоҕа этэ. Ньурбаттан килиэп тиэйтэрэн олорбуппут, өрүс суола сабылыннаҕына, кыһалҕаны үөскэтэрэ. Онон үлэтэ суох олорбут Валентин Романов социальнай хантараак ыларын ситиһэн, билигин чааһынай бэкээринэ нэһилиэнньэни толору хааччыйар. Килиэби таһынан өссө пиццаны, буулканы астаан атыылыыр.

Эдэр исписэлиистэр кэлэллэр эрээри, дьиэлэрэ суох буолан, 1-2 сыл үлэлээт, төттөрү бараллар. Онон кинилэри олохсутарга диэн 6 кыбартыыра­лаах дьиэ бырайыагын оҥорторон, «Үтүө дьыала» бырагыраамаҕа киирсэ сылдьабыт.

Ханна да буоларын курдук, ыт боппуруоһа сытыытык турар. Тыа хаһаайыстыбатыгар кыһалҕа элбэх эрээри, судаарыс­тыба көмөтө улахан.

Интэриниэт, уот тарыыба үрдүү турара урбаанньыттарга, тэрилтэлэргэ кыһалҕалары үөскэтэр.

Түмсүүлээх нэһилиэк кэскиллээх

– Оҕо төрөөһүнэ, эдэр дьон олохсуйуута хайдаҕый?

– Оҕо төрөөһүнэ өлүүтээҕэр элбэх. Сылга 10-11 оҕо төрүүр буоллаҕына, 8-9 киһи өлөр. Оҕолор үксүн 9-с кылаас кэнниттэн орто үөрэххэ барар буол­лулар, онон оскуолаҕа 94 оҕо үөрэнэр. Уһуйааҥҥа 54 оҕо сылдьар.

Ханна да буоларын курдук, сүөһүлээх дьон сааһыран иһэллэр. Ол да буоллар, биирдиилээн эдэр дьон сүөһү ииттэр буолла. Алексей Кириллин «Агростартап» бырагырааманан 4,5 мөлүйүөн солкуобайы ылан, тиэхиньикэ, сүөһү ылынна, хотонун кэҥэттэ. Петр Иванов диэн уол сүөһү көрөр, быйыл эбии 7 борооскуну ылла. Андрей Никитин сүөһү ылан, хотон туттан, дьарыктанан эрэр. Бу эдэр дьон сүөһү иитэл­лэригэр судаарыстыба өттүттэн куонкуруһа суох көмө баара буоллар дии саныыбын.

Уопсастыбаннай түмсүүлэрбит олус көхтөөхтөр. «Алгыс» бэтэрээннэр, «Күндээрэ» эбээ­лэр, «Далбарай» дьахталлар, «Харысхал» аҕалар түмсүүлэрэ бааллар.

Байыаннай дьайыыга көмөлөһүүгэ күүскэ үлэлэ­һэбит. Нэһилиэк дьаһалтатыгар анал пуонда арыйбыппыт. Манна тэрилтэлэр үчүгэйдик көмөлөһөллөр, хамнастарыттан харчы анаан биэрэл­лэр. Түмсүүлэр кылынан тилэх угунньатын, харысхаллары оҥорон, оҕолор суруктарын, халыҥ наскылары уган, мөһөөччүк оҥорбуттара. Манна быар, эт, бэрэски, о.д.а. эбэн, улуус дьаһалтатын хамаандата барарынан ыыппыппыт. Күндээдэттэн төрүттээх 9 уол сэриилэһэ сылдьар. Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт.­

Дьэ, бу курдук үлэлии-хамсыы олоробут.

Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ

2023 сылга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн, сайыҥҥы уу ситимин саҥардыы үлэтэ бу сыл сааһыттан саҕаламмыта.

Бырагыраама үбүгэр эбии нэһилиэк бүддьүөтүттэн 300 тыһыынча, нэһилиэнньэттэн 400 тыһыынча солкуобайы эбэн уонна биирдиилээн урбаанньыттар, чааһынай тэрилтэлэр матырыйаалынан, үлэнэн көмөлөһөн, ыал аайы олус наадалаах уу ситимэ тардылларыгар олук ууруллубута.

Ол эрэн, үлэ түмүк үбүн ааҕыыта 6,1 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэн, Үп министиэристибэтэ 3 мөлүйүөн солкуобайы эбии көрөн, аукциоҥҥа 5 700 000 сууманан тахсыбыта. Манна икки тэрилтэ кыттыбытыттан, В.Н. Пахомов диэн чааһынай урбаанньыт кыайан, үлэни ылбыта.

Валерий Нестерович сайын тиһэх ыйыттан үлэтин саҕа­лаан, бэрт тэтимнээхтик туттан-хаптан, олохтоохтор санааларын тапта. Уу турбата уулуссанан кэлэр-барар тырааныспартан алдьамматын диэн, уһаайба икки ардынан ыытылынна уонна хас ыал аайы кыраан туруорулунна. Онон уопсайа 12 км уһуннаах былаастык турба тардылынна.

Урукку улахан иһит эргэрэн, туһатыттан тахсан, саҥа 75 кубтаах икки иһити туруорууга Т.Т. Иванов чааһынай тэрилтэтэ ылсан үлэлээтэ. Манна нэһилиэк бүддьүөтүттэн 400 тыһыынча солкуобай көрүллэн, уу иһиттэрэ анал үрдэтиигэ турдулар уонна дьэбиннирииттэн харыстыыр кыраасканан сотулуннулар.

– Сайыҥҥы туттар уубут бу иннинэ тимир турбанан кэлэр буолан, кырааны астахха, дьэбиннээх уу саккырыыра, онон кэтэһэргэ бириэмэ барара. Былырыын Бүлүү бөлөх улуустарын ыраас уунан хааччыйыы бырагырааматын чэрчитинэн, ОДьКХ министиэристибэтэ 2,5 мөлүйүөн солкуобайы көрөн, 1,6 км былаастык турба тардыллан, быйыл барыта биир ситим бы­­лаастыкка көстө.

Бу курдук олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманы нэһилиэкпит туһатыгар олоххо киллэрдибит. Хас биирдии ыал аны сайын кэлэрин, саҥа уу турбата үлэлиирин эрэнэ күүтэбит, – диэн Күндээдэ олохтооҕо Венера Степанова санаатын үллэс­тэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: