«Көхтөөх уһун үйэлэнии» бастакы бэстибээл сыалын ситтэ

Share

Алтынньы 1 күнүгэр Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт «Көхтөөх уһун үйэлэнии» диэн бэстибээл буолла.  Манна 25 туһааннаах тэрилтэ кэлэн кытынна, тыһыынчанан киһи кэлэн көрдө-иһиттэ. Тыйаатыр иһэ бүгүн оргуйан олордо.

Ол курдук, Элбэх өҥөнү оҥорор киинтэн саҕалаан, Социальнай пуонда, Үһүс саас оскуолата, Нолуок сулууспата, Дьарыктаах буолуу киинэ, Национальнай баан, миэдиктэр, култуура, успуорт, туризм тэрилтэлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин, өҥөлөрүн кэпсээтилэр, босхо консультациялары ыыттылар.

Биэнсийэлээхтэр доруобуйаларын туругун көрдөрдүлэр. Ордук өйү-мэйиини эрчийэр, түөһэйиини утары үлэлиир кэбиниэт үлэтин интэриэһиргээтилэр.

Үһүс саас оскуола уһуйааччылара маастар-кылаастары ыыттылар. Саҥа үөрэх дьылыгар баҕалаахтар кэлэн, оскуолаҕа суруйтардылар. Бу аҕам саастаахтарга анаммыт оскуола сүүсчэкэ куруһуоктаах, тыһыынчанан курсааннаах.
Кэнсиэргэ саалаҕа баппат элбэх киһи муһунна. Көрүдүөргэ, саала кытыытынан устуул аҕалтаран, симиллэн олорон көрдүлэр. Кэнсиэргэ бэйэлэрин саастыылаахтара ыллаатылар-туойдулар, үҥкүүлээн да дайдылар. Талааннарын киһи көрөн сөҕөр.
Онон көмүс сааска киһи кырыйдым-буорайдым диэн сытынан кэбиспэккэ, дьиэҕэ бүгэн олорбокко, дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, дьоҕуру сайыннаран, ыллаан-туойан, физкултууранан дьарыктанан, доруобуйаны чэбдигирдэн, көхтөөхтүк олоруохха сөбүн туһунан итэҕэттилэр.
Үгүс аҕам саастаахтар тэрээһиннэри сөбүлээбиттэрин, сэргэхсийбиттэрин биллэрдилэр.
Санатар буоллахха, бу маннык бэстибээл аан бастакытын ыытылынна. Төһө да ардахтаах, курас күн буоллар, хас да тыһыынча киһи анаан кэлэн, бэстибээлгэ сырытта, кытынна.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 60 саастарын ааспыт 191 тыһыынча киһи олороро биллэр.

Хаартыска: СИА.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

6 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

6 часов ago