Көхтөөх уһун үйэлэнии: Саха сирэ инники!

Share

Алтынньы 1 күнэ – Аҕам саастаах дьон күнэ. Арассыыйаҕа 1992 сылтан бэлиэтэнэр. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) 60 саастарын ааспыт дьону аҕам саастаахтар ахсааннарыгар киллэрэр.

100 сааска – 1 мөлүйүөнү

Саха сиригэр “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэлээхтэр биир кэмнээх төлөбүрү тутуох­тара. Бу төлөбүр суумата 100 тыһыынчаттан биир мөлү­йүөҥҥэ диэри улааппытын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сааһын туолбут 17 киһи олорор. Кинилэр бары 2025 сылга диэри 1 мөлүйүөн солкуо­байы ылыахтара.

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр аҕам саастаахтары өйүүр кэккэ миэрэлэр киирэллэрин туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ аһыллыаҕа. Манна араас куруһуоктар, кулууптар, успуорт сиэксийэлэрэ, айар устуудьуйалар үлэлиэхтэрэ.

Бырабыыталыстыба 2025-2028 сылларга «Вместе к активному долголетию 55+» көхтөөх уһун үйэлэниигэ уонна чэгиэн буоларга туһуламмыт тэрээһиннэр былааннарын ылыммыта.

Көхтөөх буолуу – уһун үйэлэнии төрдө

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр “Демография” национальнай бырайыак иһинэн “Аҕа саастаах көлүөнэ” эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Киһи үйэтин уһатыы эрэ буолбакка, олох хаачыстыбатын эмиэ тупсарар сыаллаах.

“Үһүс саас оскуолата” уопсастыбаннай түмсүү ус­­пуорт, култуура, норуот уус-­уран айымньытын тэрээһиннэрин көҕүлээн ыытар. 2024 сыл бастакы аҥаарыгар 17 778 биэнсийэлээх дьон манна дьарыктанар. Аҕам саастаах дьону кытта үлэлиир оскуола Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа уонна Горнайга салаалардаах.

Ону таһынан, Үрүҥ көмүс волонтердар эрэгийиэннээҕи кииннэрэ 30 уопсастыбаннай түмсүүнү тэрийэн, 800-тэн тахса киһини хабаллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 22 улуус­ка, куоракка аҕам саастаахтары кытта үлэлиир 240 тэрилтэ, түмсүү баар. 2023 сылга кинилэр 23 тыһыынча киһини хабан үлэлээбиттэрэ.

Биэс улууска – субсидия

Биэс улууска көхтөөх уһун үйэлэниини өйүүр бырайыактарын иһин субсидиялары биэриэхтэрэ. Субсидия сэртипикээтин «Көхтөөх уһун үйэлэнии» бэстибээл кэмигэр туттардылар.

Ол курдук, Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Алдан оройуоннара биирдии мөлүйүөн солкуобайы ылыахтара. Судаарыстыбаннай бүддьүөттэн бэриллэр субсидия уопсай суумата –  5 мөлүйүөн солкуобай.

Улуустар аҕам саастаах көлүөнэ үйэтин уһатарга, чэ­­гиэн буолалларыгар туһуламмыт тэрээһиннэрин кыттыгас үбүлээһин быһыытынан субсидия бэрилиннэ. Холобур, социаль­най туризмы сайыннарыы, чэбдигирдэр лааҕыры, аҕам саастаах дьоҥҥо күнүскү өттүгэр араас дьарыктары тэрийии курдук бырайыактар бааллар.

Бастакы бэстибээл бэркэ ааста

Алтынньы 1 күнүгэр Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Аҕам саас­­таахтар күннэригэр анаммыт «Көхтөөх уһун үйэлэнии» диэн бэстибээл ыытылынна.  Манна туһааннаах 25 тэрилтэ кытынна, тыһыынчанан киһи кэлэн көрдө-иһиттэ. Тыйаатыр иһэ бу күн оргуйан олордо.

Ол курдук, Элбэх өҥөнү оҥорор киинтэн саҕалаан, Социальнай пуонда, «Үһүс саас оскуолата», Нолуок сулууспата, Дьарыктаах буолуу киинэ, бааннар, миэдиктэр, култуура, успуорт, туризм тэрил­тэлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин, өҥөлөрүн кэпсээтилэр, босхо консультациялары ыыттылар. Биэнсийэлээхтэр доруобуйаларын туругун көрдөрдүлэр. Ордук өйү-мэйиини эрчи­йэр, түөһэйиини утары үлэлиир кэбиниэт үлэтин интэриэһиргээтилэр.

Үһүс саас оскуола уһуйаач­чылара маастар-кылаастары ыыттылар. Саҥа үөрэх дьылыгар баҕалаахтар кэлэн, оскуолаҕа суруйтардылар. Бу аҕам саастаахтарга анаммыт оскуо­ла сүүсчэкэ куруһуоктаах, тыһыынчанан курсааннаах.

Кэнсиэргэ саалаҕа баппат элбэх киһи муһунна. Көрүдүөргэ, саала кытыытынан устуул аҕалтаран, симиллэн олорон көрдүлэр. Кэнсиэргэ бэйэлэрин саастыылаахтара ыллаатылар-туойдулар, үҥкүүлээн да дайдылар. Талааннарын киһи көрөн сөҕөр.

Онон, көмүс сааска киһи кырыйдым-буорайдым диэн сытынан кэбиспэккэ, дьиэҕэ бүгэн олорбокко, дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, дьоҕуру сайыннаран, ыллаан-туойан, физкултууранан дьарыктанан, доруобуйаны чэбдигирдэн, көхтөөх­түк олоруохха сөбүн итэҕэттилэр.

Үгүс аҕам саастаахтар тэрээһиннэри сөбүлээбиттэрин, сэргэхсийбиттэрин биллэрдилэр. Санатар буоллахха, бу маннык бэстибээл аан бастакытын ыытылынна. Төһө да ардахтаах, курас күн буоллар, тыһыынча киһи анаан кэлэн, бэстибээлгэ сырытта, кытынна.

Үҥкүүһүт быраас

Федора Ивановна Винокурова 40-ча сыл педиатр уонна инфекционист быраа­һынан үлэлээбитэ. Тиксиигэ, Намҥа, Дьокуускайга өр кэмҥэ үлэлээн, биэнси­йэҕэ тахсан баран, үҥкүүнэн дьарыктанан саҕалаабыта. Кини урут үҥкүүлээбэтэх киһи, “Шахерезада” үҥкүү устуудьуйатын биллэриитин алҕас көрөн, кыыһа көрдөспүтүн быһа гыммакка, саарбахтыы-саарбахтыы барбыта. Ити 2010 сыллаахха этэ.

“Биэнсийэҕэ таҕыстахпына, дьэ, бокуойданан, дьиэбин көрүөм, оҕолорбор, сиэннэрбэр болҕомтобун ууруом”, –  диир этэ да, билигин да дьарыга элбэх.

Илиҥҥи үҥкүү устуудьу­йата сабыллыбытын кэннэ, аны фламенко үҥкүүнэн “Аллегрия” устуудьуйаҕа дьарыктанан барбыта. Кини дьолугар, олус үчүгэй педагогтарга, үрдүк таһымнаах хо­­реографтарга түбэһэр этэ, онон кинилэргэ махтала муҥура суох.

Фламенко устуудьуйата эмиэ сабыллыбытын кэннэ, үһүс сылын латино-американскай үҥкүүлэринэн дьарыктанар. Бу эмиэ чэпчэкитэ суох үҥкүүлэр, киниттэн лаппа эдэр, 50-чалаах дьахталлары кытта дьарыктанар. Ол да буоллар, үҥкүү умсулҕана, кэрэ эйгэтэ угуйа-тарда турар…

Федора Ивановна 77 саастаах эрээри, киниэхэ бачча сааһы ким да биэрбэт. Хамсаныы, үҥкүү, таптыыр дьарык киһиэхэ чэгиэн-чэбдик туругу эрэ буолбакка, олоххо тардыһыыны, умсулҕаны биэрэр. Кини Үһүс саас оскуолатыгар бэйэтин баҕатынан, волонтер быһыытынан “Сайдам” үҥкүү куруһуогун салайар.

– Куруһуокпутугар араас норуоттар үҥкүүлэрин үөрэтэбит. Хаһан да үҥкүүлээбэтэх эрээри, чахчы баҕалаах киһи үөрэниэн, сатыан сөп. Онон ким баҕалаах суруйтаран, дьарыктанар.

Үҥкүү ордук сааһырбыт киһиэхэ наһаа туһалаах! Эккэ-сииҥҥэ эрэ буолбакка, мэйии сайдарыгар эмиэ көмөлөөх. Киһи дууһата сынньанар, көтө сылдьар курдук буолаҕын. Мин курсааннарым наһаа талааннаахтарын сөҕөбүн. Атын да куруһуоктарга сылдьаллар, күн сололоро суох. Саҥа саҕалааччылар буолан, куонкурустарга соччо кыттыбаппыт эрээри, “Чэбдик” сонотуоруйга ый аайы баран, кэнсиэртээччибит.

Үһүс саас оскуолата баар буолан, Саха сиригэр сааһыр­быт дьон быдан сэргэхтик олороллор дии саныыбын. Наталья Пахомова бу оскуоланы арыйан, улахан уларыйыы, хамсааһын таҕыста. Улуустарга да салаалара бааллар. Аҕам саастаахтар харахтара уоттанан, үчүгэйгэ тардыһан, олоххо интэриэстэрэ улаатан, дьоҥҥо наадалаах курдук сананан, сэргэхсийэн, көхтөөхтүк олороллор, үйэлэрэ да уһуур.

Арассыыйаҕа бу хамсаа­һын саҥа киирэн эрэр, Саха сирэ быдан эрдэлээн, инники иһэр. Онон Үһүс саас оскуо­латыгар махталбыт улахан, –  диэн Федора Ивановна этэрэ оруннаах.

“Махтал, таптал тылларын этэбит”

Елена Волкова, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ:

– Бу ураты күҥҥэ биһиги төрөппүттэрбитигэр, эһээлэрбитигэр-эбээлэрбитигэр, аҕа табаарыстарбытыгар махтал, таптал тылларын этэбит. Кинилэр олоххо тардыһыы, муударас, аһыныгас санаа тыыннаах холобурдара буолаллар. Аҕа көлүөнэ билиитэ-көрүүтэ, уопута, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылаата балысхан. Биһиги инники көлүөнэ оҥорбут бэлэмигэр кэллэхпит. Бүгүн кинилэр уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кытталлар, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолаллар.

Кырдьаҕас киһиэхэ чугас дьонун, уопсастыба, судаарыстыба өйөбүлэ, кыһамньыта хайаан да наада. Саха сиригэр аҕам саастаахтар социальнай көмүскэллэригэр улахан болҕомто ууруллар.

rpt

“Сэргэхсийдибит, астынныбыт”

Лидия Дмитриева, Бүлүү:

– Мин көрдөхпүнэ, сүрдээх элбэх сүбэ­лэр бааллар: үбү сөпкө туһаныыга, нолуок­ка, успуордунан дьарыктанарга, о.д.а. Саамай сэргээбитим – «Үһүс саас оскуола» маастар-кылаастарыгар, оҕуруо киэргэллэригэр ымсыырдым. Бэйэм иистэнээччибин. Куоракка сиэннэрбин көрсөбүн. Кэнсиэркэ киһи ыы-быччары кэлбит. Биһиги бииргэ үөрэммит кыргыттар буолан кэлбиппит. Дьиэ түбүгүттэн араҕан, саастыылаахтарбытын кытта үөрэ-көтө сылдьарбыт бэртээхэй. Дьиэҕэ эн ийэҕин, эбээҕин, оттон манна бары кыргыттар курдук сананабыт.

Маннык тэрээһиннэр туһалаах бөҕө буоллахтара – дьиэҕэ олорор кырдьаҕастар дьону кытта алтыһан, сэргэхсийэллэр, билбэтэхтэрин билэллэр, көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт дьоннорун көрсөн, “уой-аай” буолаллар эбит.

rpt

“Сүрдээх үчүгэй тэрээһин”

Луиза Бережнова, 75 саастаах, Абый:

– Бэйэм инбэлииппин, кэнсиэргэ миэстэ булбакка, эрэйи көрдүм. Сүрдээх үчүгэй тэрээһин быһыылаах. Абыйтан кэлэ сылдьабын, сиэннэрбин, хос сиэннэрбин үөрэттэрээри куоракка кэлбитим. “Алаас ахтылҕана” диэн үҥкүү ансаамбылыгар сылдьабын. Наһаа сэргэхсийэбин, ыарыыбын, кыһалҕабын барытын умнабын. Кыах баарынан араас тэрээһиннэргэ сылдьа сатыыбын. Кырдьаҕас дьон, биһиги, манна кэлэн, дьону-сэргэни көрөн, кэпсэтэн, сэргэхсийэбит.

Пиэрмэттэн саҕалаан, дьиэни тутууга үлэлээбитим. Кэргэн тахсан, оҕолонон баран, 22 сыл устата социальнай управле­ниеҕа үлэлээбитим. Үлэҥ төһө да ыарахан буоллун, дьон иннигэр эппиэтинэстээх, дьон туһугар үлэлиир буоллаххына, бэйэ­ҕин сыаналыыгын. Социальнай үлэ бэтэрээнэ буолабын.

“Биир ыал оҕолорун курдуктарбыт”

Амма улууһун Алтан нэһилиэгин “Алгыс” үҥкүү бөлөҕүн эбээлэрэ:

– Үҥкүүлээбиппит уонча сыл буолла. Элбэх ситиһии­лэрдээхпит. Салайааччыбыт – кулууп үлэһитэ, хореограф Петр Назаров. Нэһилиэккэ туох баар тэрээһиннэргэ кыттабыт, уопсас­тыбаннай үлэ биһигинэ суох буолбат. Таҥаспытын бэйэ­бит тиктэбит.

Бу бэстибээлгэ биһигини Амма улууһа бэрэстэбиитэл быһыытынан талан, ыыппыттара. Таджиктар үҥкүүлэрин Саха тыйаатырын сыанатыгар аан бастаан үҥкүүлээн, астынныбыт. Үлэһиттэрэ наһаа үчүгэйдэр, эйэҕэстэр эбит. Нэһилиэкпит дьаһалтата, “Иэйии” кулууп салалтата өйөөн, икки массыына биэрэн, уматыгынан хааччыйан ыыппыта.

Урут Алтаҥҥа СПТУ баара, онно үөрэнэ кэлэн баран, ки­­йиит буолан хаалбыт кыргыттар буолабыт. Алтаҥҥа олорбуппут 40-50 сыл буолла. Биир ыал курдук, көхтөөхтүк сылдьабыт, айанныыбыт, дьиэ түбүгүттэн сынньанабыт. Нэһилиэк, улуус олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

11 часов ago