Салгыы
Кэлэксийэниэр Сергей Осипов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо анаммыты барытын мунньар

Кэлэксийэниэр Сергей Осипов «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо анаммыты барытын мунньар

03.12.2024, 21:15
Хаартыска: Сергей Осипов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ» түмсүүнү кытта холбоһон олус ураты быыстапканы бэлэмнээн, ааҕааччылар интэриэстэрин тартылар.

Бу туһунан  бибилэтиэкэр Екатерина Попова маннык кэпсээтэ:

Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ» түмсүү  салайааччыта Никифор Ивановы кытта ыкса сибээс олохтоон, араас тиэмэлэргэ быыстапкалары тэрийэр буолбуппут үгэскэ кубулуйда.  Онон сотору-сотору биһиги араас тиэмэлэргэ дириҥ ис хоһоонноох быыстапкаларынан үлэбит хайысхатыгар сонун сүүрээннэри киллэрэбит.  Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн киин куорат олохтооҕо Сергей Осипов «Өбүгэ аман өһө (Живое слово предков)» диэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо анаммыт кэлиэксийэтин быыстапката турда. Эдэр киhи норуот ырыаһыта Марина Попова «Ньургун Боотур» операттан Кыыс Кыскыйдааны толоруутун сөбүлүү истэн баран, 2018 сылтан бу олонхо туhунан хомуйан барбыт. Быыстапка үс чаастан турар: кинигэлэр, пластинкалар, куукулалар. Ааҕааччылар эдэриттэн эмэнигэр тиийэ бу быыстапканы олус кэрэхсээтилэр. 
Мин Сергей Осиповы анаан булан кэпсэтэ сырыттым.

Кэлиэксийэбин 26 сааспар хомуйан саҕалаабытым эрээри, олох кыра эрдэхпиттэн олоҥхоҕо, өбүгэ тылыгар-өһүгэр ылларбытым диэхпин сөп. Эһээм Живкурс Николаевич Осипов 2000 сылтан маһынан уһаныынан дьарыктаммыта. Кини сахалыы куттаах тээбириннэри оҥороро. Үлэлэрэ Чөркөөхтөөҕү түмэлгэ хараллан тураллар. Норуот төрүт үгэстэрин үйэтитииигэ сыралаах үлэтин сыаналаан эһээбэр «СӨ уус-уран оҥоһугун маастара» үрдүк аат иҥэриллибитэ. Кини биһиги ортобутугар баара буоллар, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕун быһыытынан бүгүн, ахсынньы 3 күнүгэр 90 үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиэ этэ. 2020 сыллаахха олохтон барбыта. Мин эһээбин Суорун Омоллоон Хадаайыга мусуой тээбириннэрин оҥорторо ыҥырбытыгар, миигин илдьэ  сылдьыбыта. Оччолорго олох кыра этим эрээри, Суорун Омоллоон олоҥхо туһунан дьоҥҥо кэпсиирин олус кэрэхсээн истэр этим. Миигин  улуу суруйааччы анаан бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Наһаа өйдөөбөт да буолларбын, арааһа, ити такайыыта, кэпсиирэ, эһээм уус буолара барыта кэлин түмүлүннэҕэ буолуо — олоҥхону наһаа сэргиир буолбутум. Куоракка эһээм Манньыаттаах диэки туппут балаҕаныгар араас киһи кэрэхсиирэ барыта баар. Онно эбэн мин, харчыбын хараһыйбакка, тугу интэриэһиргии көрбүппүн тута атыылаһан иһэбин. Ол иһин да Былатыан Ойуунускай үбүлүөйүгэр анаммыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо суруллубут былыргы кинигэлэрин анаан муспутум.

Хаартыска: Сергей Осипов тиксэриитэ.

Ньургун Боотур олонхо араас тылынан: аангылыйа, турок, француз, кыргыз, алтай, башкир, тыва тылларынан тахсыбыт кинигэлэрин булан атыыласпытым.

Олоҥхо дьоруойдарынан баата куукулалары социальнай ситимнэртэн сакаастаан булбутум. Бу куукулалар “Симэх” быыстапкаҕа кыттыбыттара.

 Маны таһынан, пластинка хомуурунньуктарын булбутум. Екатерина Захарова, Марина Попова ырыаларын эбээбэр ылан бэлэхтээбитим.

Онон туох көстөрүнэн мунньан иһэбин, кэлиэксийэм ахсаана, тиэмэтэ кэҥээн иһэр, — диэн санаатын үллэһиннэ Сергей Осипов.

Ити курдук, отутун саҥа ааспыт эдэр киһи маннык дириҥ ис хоһоонноох кэлиэксийэни мунньа сылдьара хайҕаныах эрэ тустаах уонна холобура батыһыннарыылаах буолуохтаах. Онон Сергей Осипов таптыыр бибилэтиэкэбит «Белиҥкэ» ааҕааччыларын улаханнык соһутта да, үөртэ да.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: