Көлөнү өрөмүөннүүр Дмитрий
Тыа сиригэр хас биирдии нэһилиэк сайдыыта ыччат тохтоон олохсуйарыттан тутулуктаах. Ыччаттар төрөөбүт дойдуларыгар сурэхтэрин сылааһын иҥэрэн, туруктаах буоларыгар үлэлэһиилэрэ улахан оруоллаах.
Мин кэпсиир дьоруойум Атамай төрүт олохтооҕо, элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга Дмитрий Аввакумов диэн. Дмитрий үлэ суох диэн баран олорбокко, саарбахтыы, кэтэмэҕэйдии сылдьыбакка, 2020 сыллаахха нэһилиэгэр бэйэ дьыалатын тэриммитэ. Массыына өрөмүөннүүр мастарыскыай тэрийэн, күн бүгүн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Олохтоохтор тиэхиньикэлэрин өрөмүөннэтэ, көрдөрө, оҥотторо диэн ааттаан, ыраата барбакка, олохтоох автосервиска кэлэллэр. Билэр киһилэригэр Дмитрийгэ оҥотторон, үөрэллэр, махтаналлар.
Дмитрий бу үлэтин саҕалыырыгар, субсидия көмөлөспүтүн тоһоҕолоон бэлиэтиир. Бу түбүктээх уонна эппиэтинэстээх үлэтин таһынан, Дмитрий нэһилиэккэ аҕалар түмсүүлэрин салайар. Туох баар уопсастыбаннай үлэҕэ-хамнаска, субуотунньуктарга, тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Бары кининэн киэн туттабыт.
Эдэр ыччаппытыгар Дмитрий Никоновичка саҥаны айан-тутан иһэргэр, элбэҕи ситиһэргэр, дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох олоҕу баҕарабыт. Нэөилиэгиҥ, бар дьонуҥ туһугар кыһамньыгар махтанабыт, үөрэбит. Куруутун да бу курдук эйэҕэс-сайаҕас, истиҥ сыһыаннаах буол, дьоҥҥор-сэргэҕэр өйөбүл буола тур.
Валентина Яковлева,
Атамай, Горнай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: