Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай операцияҕа хомуур туһунан быһа эпиир кэмигэр санаатын эттэ. Кини этэринэн, Саха сиригэр бу нэдиэлэ ортотун диэки быстах хомуур бүтэрэ сабаҕаланар.
Сорох улуустар хомуур былаанын толорбуттар эбит. Түгэнинэн туһанан Айсен Николаев сымыйа сурах-садьык түргэнник тарҕанарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Холобура, хотугу улуустартан 10-чалыы, 20-чэлии киһи ыҥырыллыбытын эттэ. Саамай элбээбитэ Өймөкөөнтөн 30 киһи быстах хомуурга хомуллубут.
Айсен Николаев этэринэн, хомуурга алҕас быһыы-майгы тахсарыгар улуустарга анал байыаннай комиссар суоҕа, бүттүүн хомуур 80-ча сыл ыытыллыбатаҕа атахтаабыт.
– Арассыыйа үрдүнэн бу маннык улахан хомуур барбатаҕа 80-ча сыл буолла. Эрэгийиэннэргэ байыаннай комиссариаттар да аҕыйахтара үгүс боппуруоһу таһаарда. Холобур, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү курдук тыа сирин улахан улуустарыгар байыаннай комиссариат анал үлэһитэ суох олорор. Эгэ, хотугу улуустарбытын этиэхпит дуо? Онон мобилизация бастакы күнүгэр ыарахаттары көрүстүбүт. Ол эрээри билигин бэрээдэк баран эрэр, хартыына чыҥха атын буолла. Билигин ыйааҕынан бастакы хомуурга ыйыллыбатах дьон 120-чэ киһи дьиэлэригэр төнүннүлэр. Ону таһынан, Саха сирин байыаннай комиссариатыттан 15 киһи сыыйылынна. Бу үлэ салгыы ыытыллыаҕа, – диэн иһитиннэрдэ Айсен Сергеевич.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…