Кэлэр нэдиэлэҕэ Дьокуускайга Эрмитаж күннэрэ ыытыллыахтара
13.10.2023, 19:00
Андрей Сорокин
Бөлөххө киир:
Алтынньы 25-28 күннэригэр Дьокуускайга Эрмитаж күннэрэ ыытыллыахтара. Тэрээһин Национальнай Художественнай түмэл 95 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллар.
Бу тэрээһин сүрүн быыстапкатынан Судаарыстыбыннай Эрмитаж хомуурунньугуттан таҥыллыбыт “Часы и эпоха” экспозиция буолуоҕа. Ити күннэргэ быыстапка иһинэн VR-киинэ тыйаатыра үлэлиэҕэ. Аныгы технология көмөтүнэн быыстапка ыалдьыттара “Юпитер саалата”, “Түҥ былыргы уруһуй устуоруйата” уонна “Эрмитаж: Константин Хабенскайдыын устуоруйаҕа уһуйуу” диэн виртуальнай быыстапкалары көрүөхтэрэ.
+1
3
+1
1
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: