Кэлэр нэдиэлэҕэ икки эрэ үлэ күнэ баар

Share

Кэлэр нэдиэлэҕэ Саха сирин үгүс олохтоохторо икки эрэ күн үлэлиэхтэрэ. Муус устар 27 күнэ — Өрөспүүбүлүкэ күнэ өрөбүл күнүнэн биллэриллибитэ, онон бырааһынньык баскыһыанньаҕа түбэһэр буолан, сынньалаҥ күнэ  бэнидиэнньиккэ, муус устар 28 күнүгэр көһөн биэрэр. 

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит  өрөбүл күҥҥэ эрэгийиэннээҕи  судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ эрэ өрүүр кыахтаахтар. Федеральнай эбэтэр олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр, ону тэҥэ, бас билии атын көрүҥнээх, чааһынай тэрилтэлэр өрөбүл күн боппуруоһун бэйэлэрэ быһаараллар.

Оптуорунньук уонна сэрэдэ — үлэ күннэрэ. Салгыы, ыам ыйын 1-4 күннэригэр дойду үрдүнэнбырааһынньыктааҕы уһун  өрөбүллэр күүтэллэр. Муус устар 30 күнүнээҕи үлэ күнэ бырааһынньык иннинээҕи күн быһыытынан, биир чаас кылгатыллар.

Ыам ыйын иккис уһун өрөбүллэрэ  ыам ыйын 8 күнүттэн ыам ыйын 11 күнүгэр диэри буолуохтара.

Санатар буоллахха, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1 Маай параада ыытыллыбат.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаан кэмигэр 293 быстах олорор пууну тэрийиэхтэрэ

Саха сиригэр халаан кэмигэр уопсайа 28 тыһыынча киһиэхэ анаммыт 293 быстах олорор пууну арыйыахтара. Бу…

1 минута ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эдэр киһи хас даҕаны түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар

Дьокуускайдааҕы ИДьМ үлэһиттэрэ эрдэ сууттана сылдьыбыт 26 саастаах олохтоох киһи түөкүннээһиҥҥэ уорбаланарын быһаардылар. Бу туһунан…

31 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

181 ыалга гаастааһыҥҥа көмө оҥоһулунна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр -- 181 ыалга олорор дьиэни гаастааһыҥҥа көмө…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тутуу хаамыыта былырыыҥҥытааҕар түргэн

2025 сыл бастакы үс ыйыгар Саха сиригэр 263 тыһ. кв.м иэннээх олорор дьиэ тутулунна. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтэ оскуолаларга биир кэлим наардалы киллэрээри Роспотребнадзору кытта үлэлэһэр

РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтэ оскуолаларга уруок биир кэлим наардалын киллэриигэ Роспотребнадзору кытта үлэлэһэр. Бу туһунан ТАСС…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Нерюнгрига дьахтар алтыс этээстэн куосканы бырахта

Бүгүн сарсыарда Нерюнгри олохтооҕо аҕам саастаах дьахтар алтыс этээстэн куосканы бырахта. Маны көрөн турбут Чурапчинскай…

2 часа ago