Кэлэр нэдиэлэҕэ саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын сийиэһэ ыытыллыаҕа

Share

Сэтинньи 22-24 күннэригэр саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ ыытыллаары турар. Сийиэскэ Саха сирин араас муннугуттан 500 дэлэгээт кыттара былааннанар.

Бырагырааматтан көрдөххө, сийиэс бастакы күнүгэр, сэтинньи 22 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ сийиэс дэлэгээттэрин кытта көрсүһүү, СӨ Ил Дарханыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын сайыннарыыга Сүбэтин мунньаҕа, «Родные языки народов России в пространстве единого открытого образования: возможности и перспективы» Бүтүн Арассыыйатааҕы “төгүрүк остуол” уо.д.а. тэрээһиннэр бааллар. Сийиэс иккис күнүгэр, сэтинньи 23 күнүгэр «Саха тылын билиҥҥи туруга уонна кэскилэ» сүрүн мунньах, «Ийэ тылбыт-барҕа баайбыт” (быыстапка үлэтэ), “Төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии” түһүлгэнэн үлэлэр, “Төрүт тыллар” портал түһүлгэтэ былааннанар. Сийиэс үһүс күнүгэр, сэтинньи 24 күнүгэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин ырытыы (бырайыактыыр сиэссийэ), кэпсэтиһии, санаа атастаһыы (дискуссия) түһүлгэлэрэ, үөрэтиигэ-иитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо дэкээдэтин тэрээһиннэрэ былааннаналлар.

СӨ “Сайдыы” саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Жанна Барашкова: “Быйылгы сийиэс бу сэтинньи 22 күнүттэн саҕаланаары турар. Бастакы сийиэс учуутал тус үлэтигэр буолбакка, үөрэхтээһин эйгэтиттэн тас өттүгэр, уопсай сахалыы эйгэни тэрийиигэ туһуламмыт эбит. Ааспыт сийиэс түмүгүнэн уон тэрилтэҕэ, министиэристибэҕэ, бырабыыталыстыбаҕа уураах таһааран ыыппыппыт. Быйылгы, иккис сийиэспитигэр сахалыы үөрэтиини аныгы олох тэтимигэр, ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, саҥаттан көрөн уларытар  сыаллаах-соруктаах саҥа кэнсиэпсийэ оҥоһулла сылдьар. Манна учууталлар, билим үлэһиттэрэ кыттыһаллар, Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.В.Габышева бэйэтинэн хонтуруоллаан, тэрийэн тус-туспа түөрт-биэс хамыыһыйа үлэлии сылдьар. Биһиги, учууталлар, саха тылын орто сүһүөххэ үөрэтии хамыыһыйатыгар баарбыт. Урут биир бырагыраама үлэлиир эбит буоллаҕына, билигин кэм ирдэбилинэн оҕо саха тылын билиитин таһымыттан аттаран, тус-туспа бырагыраамалар оҥоһуллаллара ирдэнэр диэн көрөбүт. Ити кэнсиэпсийэни бырабыыталыстыба бигэргэттэҕинэ, Ил Дархантан саҕалаан бука бары олоххо киириитигэр турунан, үп-ас көрүллэн, үлэ-хамнас күөдьүйэн тахсыахтаах. Ити кэнсиэпсийэ биһиги омук быһыытынан баар буолуубутун эмиэ мэктиэлиир. Уопсайынан, омук быһыытынан чэчирээн тахсыыбыт уһуйаантан, оскуолаттан эмиэ быһаччы тутулуктаах. Бары уопсастыба дьонобут, бары биир санааҕа түмсэн үлэлэһиэхтээхпит. Уонна быйылгы сийиэскэ элбэх түһүлгэлэр тэриллэллэр, онно дьон кэлэн санааларын этиэхтэрин, суругунан түһэриэхтэрин сөп. Иккис сийиэс сүрүн уратыта – үөрэтии саҥа кэнсиэпсийэтин ылыныы. Бу кэнсиэпсийэ оҕо саҥа төрүөҕүттэн үрдүк үөрэх устудьуоннарыгар тиийэ хабар, киэҥ далааһыннаах”, — диэн санаатын үллэстэр.

Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин толору бырагырааматын СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин саайтыттан бу ыйыллыбыт сигэнэн көрүөххүтүн сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

36 минут ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Боксер Василий Егоров спортивнай карьератын кыайыынан түмүктээтэ

Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…

2 часа ago