Кэлэр нэдиэлэҕэ YouTube 70%-ҥа диэри бытаарыаҕа
Бу нэдиэлэ бүтүөр диэри көмпүүтэргэ YouTube үлэлиирин тэтимэ 40%-ҥа диэри намтыан сөп, оттон аныгыскы нэдиэлэ бүтүүтэ — 70% диэри.
Маннык дьаһал көмпүүтэргэ YouTube версиятын эрэ таарыйар. Мобильнай сибээһинэн YouTube сыһыарыыны таарыйбат диэн Госдуума Информатикаҕа сис кэмитиэтин баһылыга Александр Хинштейн кэпсээтэ. «Арассыыйаҕа бу YouTube туһанааччыларын утары буолбакка, омук ресурсата билигин даҕаны биһиги сокуоннарбытын кэһэр уонна аахсыбат буолуутуттан тахсар», — диэтэ Александр Хинштейн. «Хампаанньа дьаһалтата бэйэтин бэлиитикэтин инникитин даҕаны уларыппат уонна биһиги сокуоннарбытын тутуспат буоллаҕына, туох да үчүгэйгэ аҕылыа суоҕа. Биһиэхэ атын былаһааккалар бааллар, билигин Rutube уонна VK Видео өссө күүскэ сайдан иһэллэр», — диэн дьокутаат эбэн иһитиннэрдэ.
Ити кэмҥэ Госдуумаҕа бу былаһаакканы инниитин толору бобор туһунан ылыстылар. Бастакы ааҕыыга маннык ресурсаларга угуйугу бобуу туһунан сокуон ылылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: