Кэлэр сыл – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайан этиитэ буолла.
Киэҥ уораҕайы толору өрөспүүбүлүкэ салалтата, норуот дьокутааттара, миниистирдэр, улуустар баһылыктара, улуус мунньахтарын дьокутааттара, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, о.д.а. муһуннулар.
Ил Дархан этиллибит бириэмэттэн биир да мүнүүтэни хойутаабакка, Туһаайан этиитин байыаннай дьайыы тиэмэтиттэн саҕалаата. Быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэбит биэс Арассыыйа Дьоруойдаммытын дохсун ытыс тыаһынан көрүстүбүт. Кэлэр сылга Улуу Кыайыы 80 сыла буолар. Онон, 2025 сыл Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэриллибитэ түбэһиэхчэ буолбатаҕа бэлиэтэннэ.
Балтараа чаас устата буолбут Туһаайан этиигэ олохпут биир да хайысхата болҕомтото суох хаалбата. Ол курдук, үөрэхтээһиҥҥэ тиэхиньиичэскэй каадырдары, инженердэри иитии мөлтөөбүтүн Ил Дархан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, бу маннык бара турдаҕына, сотору кэминэн экэниэмикэбит сүрүн салааларыгар каадыра суох хаалар кутталлаахпыт диэтэ. Онон, оскуолалар орто анал үөрэх кыһаларын, билим тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлииллэрэ ыйылынна. Элбэх оҕо эксэмээннэрин кыайан туттарбатах улуустара ситиһиилээх үлэлээх муниципалитетынан ааҕыллаллара табыллыбатын иһитиннэрдэ. Саха оҕото төрөөбүт тылынан кэпсэтэрэ тоҕо аччаан эрэрин болҕомтоҕо ылыҥ, бу кыһалҕаны төрдүттэн быһаарыҥ диэн Үөрэх министиэристибэтин соруйда.
Түһээн сокуона уларыйбытынан, дьоҕус, орто урбаан кыһалҕаларын үөрэтиҥ, утары көрсөн олорон кэпсэтиҥ, көмөлөһүҥ диэн Урбаан министиэристибэтигэр эттэ.
Сыана ахса суох үрдүү турар кэмэ да буоллар, дьадайыыны икки бүк намтатар сорук турар. Онон, хамнаһы үрдэтэргэ, бу соругу толорууга 13 млрд солкуобай ыытыллыа диэтэ. Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр сыалтан, төрдүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүн аайы өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала бэриллэр буолбутун мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстэ.
Эһиилгиттэн бииригэр диэри саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоох ыалларга көмөлөһөр, сүбэ-ама биэрэр “Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтэ” интерактивнай платформа бары улуустарга үлэлиир буолуо. Ону кытта кэлэр үөрэх сылыттан оскуолаҕа эмчиттэри төннөрөр сорук турда.
Бырабыыталыстыбаҕа элбэх сорук туруорулунна – суоллар хаачыстыбаларыттан саҕалаан, хас биирдии дьиэ хаачыстыбалаахтык тутуллуутугар тиийэ хонтуруоллуур буоллулар.
Туһаайан этии хас биирдии пууна өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, олоҕун хаачыстыбата үрдүүрүгэр туһаайылынна.
Игорь Юргин, Арассыыйа Дьоруойа, ыччат миниистирин э.т.:
– Биһиги Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла буолара буолуо диэн билгэлиир этибит, онон, Ил Дархан Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбититтэн олус үөрдүбүт. Бу барыта араас санааны саҕар, байыаннай дьайыы хонуутугар сылдьар доҕотторгун саныыгын, сорохтор, хомойуох иһин, биһиги кэккэбитигэр суохтар, бойобуой сырыыларыҥ өйгөр көтөн түһэллэр. Сыл туох да чэпчэкитэ суох буолуо да, биһиги ыарахаттартан толлубаппыт. Ыччаты иитиигэ улахан суолтаны биэриэххэ наада. Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла биллэриллибитэ, мин санаабар, саамай сөптөөх быһаарыы, бу дьону сомоҕолуур сыл буолуохтаах. Сайдыыбыт туһаайыыта биир – иннибит диэки!
Афанасий Владимиров, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
– Бүгүн Ил Дархаммыт Ил Түмэн дьокутааттарыгар, бар дьонугар бэйэтин этиилэрин киллэрдэ. Биһиги бары дойдубут хайдах балаһыанньаҕа олорорун билэбит, онно олоҕуран туох ситиһиилээхпитин, туох кыһалҕа турарын сиһилии сырдатта. Чопчу хайысхалары ыйан, тугу ситиһиэхтээхпитигэр соруктары туруорда. Онон Ил Түмэн дьокутааттара итиннэ олоҕуран бэйэбит нормативнай докумуоннарбытын оҥоруохтаахпыт, бырабыыталыстыбаны кытта күүскэ үлэлиэхтээхпит. Быйылгы Туһаайан этии биир уратыта, тыа сирин дьонугар, кыра нэһилиэктэргэ болҕомто ууруллуохтааҕын, олохтоох дьаһалталары кытта ыкса бииргэ үлэлиэхтээхпитин, кинилэр этиилэрин истиэхтээхпитин эттэ. Кэнники сылларга тыа сиригэр суол-иис тутуллан, гаас, уот ситимэ тардыллан, баһаам үлэ бара турарын Ил Дархан сыыппаранан көрдөрдө, онон маннык тэтиминэн инникитин да бииргэ сомоҕолоһон үлэлиэхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: