Кэлэр сыл – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла

Share

Ахсынньы 19 күнүгэр Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайан  этиитэ буолан ааста.

Киэҥ уораҕайы толору өрөспүүбүлүкэ салалтата, норуот дьокутааттара, миниистирдэр, улуустар баһылыктара, улуус мунньахтарын дьокутааттара, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, о.д.а. муһуннулар.

Ил Дархан этиллибит бириэмэттэн биир да мүнүүтэни хойутаабакка, Туһаайан этиитин байыаннай дьайыы тиэмэтиттэн саҕалаата. Быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэбит биэс Арассыыйа Дьоруойдаммытын дохсун ытыс тыаһынан көрүстүбүт. Кэлэр сылга Улуу Кыайыы 80 сыла буолар. Онон, 2025 сыл Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэриллибитэ түбэһиэхчэ буолбатаҕа бэлиэтэннэ.

Балтараа чаас устата буолбут Туһаайан этиигэ олохпут биир да ха­­йысхата болҕомтото суох хаалбата. Ол курдук, үөрэхтээһиҥҥэ тиэхиньиичэс­кэй каадырдары, инженердэри иитии мөлтөөбүтүн Ил Дархан тоһоҕо­лоон бэлиэтээтэ, бу маннык бара турдаҕына, сотору кэминэн экэниэмикэбит сүрүн салааларыгар каадыра суох хаалар кутталлаахпыт диэтэ. Онон, оскуо­лалар орто анал үөрэх кыһаларын, билим тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлииллэрэ ыйылынна. Элбэх оҕо эк­­сэмээннэрин кыайан туттарбатах улуустара ситиһиилээх үлэлээх муниципалитетынан ааҕыллаллара табыллыбатын иһитиннэрдэ. Саха оҕото төрөөбүт тылынан кэпсэтэрэ тоҕо аччаан эрэрин  болҕомтоҕо ылыҥ, бу кыһалҕаны төрдүттэн быһаарыҥ диэн Үөрэх министиэристибэтин соруйда.

Түһээн сокуона уларыйбытынан, дьоҕус, орто урбаан кыһалҕаларын үөрэтиҥ, утары көрсөн олорон  кэпсэтиҥ, көмөлөһүҥ диэн Урбаан минис­тиэристибэтигэр эттэ.

Сыана ахса суох үрдүү турар кэмэ да буоллар, дьадайыыны икки бүк намтатар сорук турар. Онон, хамнаһы үрдэтэргэ, бу соругу толорууга 13 млрд солкуобай ыытыллыа диэтэ. Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр сыалтан, төрдүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүн аайы Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала бэриллэр буолбутун мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстэ.

Эһиилгиттэн бииригэр диэри саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолоох ыалларга көмөлөһөр, сүбэ-ама биэрэр “Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтэ” интерактивнай платформа бары улуустарга үлэлиир буолуо. Ону кытта кэлэр үөрэх сылыттан оскуолаҕа эмчиттэри төннөрөр сорук турда.

Бырабыыталыстыбаҕа элбэх сорук туруорулунна – суоллар хаачыстыбаларыттан саҕалаан, хас биирдии дьиэ хаачыстыбалаахтык тутуллуутугар тиийэ хонтуруоллуур буоллулар.

Туһаайан этии хас биирдии пууна өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, олоҕун хаачыс­тыбата үрдүүрүгэр туһаайылынна.

Игорь Юргин, Арассыыйа Дьоруойа, ыччат миниис­тирин э.т.:

– Биһиги Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла буолара буолуо диэн билгэлиир этибит, онон, Ил Дархан Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбититтэн олус үөрдүбүт. Бу барыта араас санааны саҕар, байыаннай дьайыы хонуутугар сылдьар доҕотторгун саныыгын, сорохтор, хомо­йуох иһин, биһиги кэккэбитигэр суохтар, бойобуой сырыыларыҥ өйгөр көтөн түһэллэр. Сыл туох да чэпчэкитэ суох буолуо да, биһиги ыарахаттартан толлубаппыт. Ыччаты иитии­гэ улахан суолтаны биэриэххэ наада. Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла биллэриллибитэ, мин санаабар, саамай сөптөөх быһаарыы, бу дьону сомоҕолуур сыл буолуохтаах. Сайдыыбыт туһаайыыта биир – иннибит диэки!

 Афанасий Владимиров, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

– Бүгүн Ил Дархаммыт Ил Түмэн дьокутааттарыгар, бар дьонугар бэйэтин этиилэрин киллэрдэ. Биһиги бары дойдубут хайдах балаһыанньаҕа олорорун билэбит, онно олоҕуран туох ситиһиилээхпитин, туох кыһалҕа турарын сиһилии сырдатта. Чопчу хайысхалары ыйан, тугу ситиһиэх­тээхпитигэр соруктары туруорда. Онон Ил Түмэн дьокутаат­тара итиннэ олоҕуран бэйэбит нормативнай докумуоннарбытын оҥоруохтаахпыт, бырабыыталыстыбаны кытта күүскэ үлэлиэхтээхпит. Быйылгы Туһаайан этии биир уратыта, тыа сирин дьонугар, кыра нэһилиэктэргэ болҕомто ууруллуох­тааҕын, олох­тоох дьаһалталары кытта ыкса бииргэ үлэлиэхтээхпитин, кинилэр этии­лэрин истиэхтээхпитин эттэ. Кэнники сылларга тыа сиригэр суол-иис тутуллан, гаас, уот ситимэ тардыллан, баһаам үлэ бара турарын Ил Дархан сыыппаранан көрдөрдө, онон маннык тэтиминэн инникитин да бииргэ сомоҕолоһон үлэлиэхпит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Уопсастыба

Кынаттаах хоһооннор көттүлэр

«…Сыллар хонуктар аастар-ааһаллар...” диэн ырыа тыла баара. Онтон бу сыллар-хонуктар хас биирдии киһиэхэ туох бэлиэни…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйа чэрчитинэн, Ил Дархан оҕолор баҕа санааларын толоруоҕа

Ил Дархан Айсен Николаев үгэс быһыытынан бүтүн Арассыыйатааҕы "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кытынна. РФ сылы…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Хайдах оһох оттон олорбуппут буолла” дэһэллэр Өлөчөй олохтоохторо

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй нэһилиэгин дьонугар үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Хас эмэ сылы быһа…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Судаарыстыбаннай Дуума быраастары холуобунай эппиэтинэстэн босхолоото

Дьокутааттар мэдиссиинэ үлэһиттэрин олуона суох холуобунай эппиэтинэстэн эккирэтииттэн көмүскүүр сокуон ылыннылар. Бу туһунан «Парламентская газета»…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан: «Улахан уонна бигэ туруктаах дьиэ кэргэттэр — дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит инникитэ»

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев  дьиэ кэргэттэри өйүүргэ анаммыт РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин түмүктүүр мунньаҕар  кыттыыны…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Дьарҕаалаахха Баишевтар саха ынаҕын иитэллэр

Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар ыаллар сүөһүлээх-астаах буолуулара олус көмөлөөх. Ол курдук, Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгэр…

1 час ago