Кэлэр сыл кулун тутарыттан ОСАГОны камеранан бэрэбиэркэлиэхтэрэ
Арассыыйаҕа 2025 сыл кулун турар 1 күнүттэн ОСАГО полиһа баарын-суоҕун суолга турар камералар нөҥүө бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Маннык эспэримиэни сыл устата ыытар былааннаахтар.
Уулуссанан баран иһэр массыыналары барыларын суол камерата хаартыскаҕа түһэрэр. Бу массыыналар нүөмэрдэрин ОСАГО дааннайдарын кытта бэрэбиэркэлээн көрөллөр. Өскөтүн дуогабар түһэрсиллибэтэх түгэнигэр, ГИБДД систиэмэтэ сарсыныгар өссө биир ыйытыы (запрос) ыытар. Хаттаан страховката суоҕа билиннэҕинэ, “Судаарыстыбаннай өҥө” нөҥүө суоппарга сэрэтии сурук ыыталлар. Эспэримиэн түмүктэниитэ ОСАГОта суох суоппардарга ыстараап түһэриэхтэрэ. Ол эрээри, эспэримиэн үтүө түмүктээҕэ билиннэҕинэ, эрдэ тохтотон баран олоххо киллэриэхтэрин сөп диэн сонуну тарҕатар киин ситимнэр суруйаллар.
Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйаҕа 36 мөл. суоппартан 7-10% страховката суох сылдьар диэн этэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: