Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай уопсастыба уонна киһи быраабын сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын ыытта. Онтон сүрүннэрин ылан көрүөххэ.
Бүддьүөт, национальнай бырайыактар
Владимир Путин мунньахха, бастатан туран, дойду экэниэмикэтин туһунан иһитиннэрдэ. Федерация бүддьүөтүн туһунан этэригэр, судаарыстыба социальнай эбэһээтэлистибэтин барытын толорон иһэрин, бүддьүөт бу эйгэни сүрүн тумулук туттарын бэлиэтээтэ.
– Төһө да тас өттүбүтүттэн үтэн-анньан көрүү, араас хааччах баарын үрдүнэн, биһиги дойдубут туох баар социальнай эбэһээтэлистибэтин толоро олорор. Кэлэр үс сылга бүддьүөт чиэппэрэ барыта социальнай эйгэҕэ тыырыллан турар. Мин маны өссө ороскуокка киллэрбэккэ эрэ, инвестиция быһыытынан көрүөм этэ, – диэн эттэ Владимир Путин.
Бэрэсидьиэн быйыл национальнай бырайыактары уларытан, хас да саҥа хайысханы киллэрбитэ. Ол курдук, эһиилгиттэн саҕалаан уон тоҕус национальнай бырайыак үлэлиэхтээх, ол иһигэр ядернай бэлиитикэҕэ, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, инфраструктураны оҥорууга, дааннайдары сыыппараҕа көһөрүүгэ саҥа бырайыактар киириэхтэрэ.
«Төһө да тас өттүбүтүттэн үтэн-анньан көрүү, араас хааччах баарын үрдүнэн, биһиги дойдубут туох баар социальнай эбэһээтэлистибэтин толоро олорор. Кэлэр үс сылга бүддьүөт
чиэппэрэ барыта социальнай эйгэҕэ тыырыллан турар»
– Национальнай бырайыактар, бастатан туран, дойдубут сайдыытыгар биир сүрүн тирэх буолалларын умнумуохха. Бу бырайыактар олохпут бары эйгэтин хабаллар уонна кэлэр биэс сылы хабан, 2030 сылга диэри үлэлиэхтэрэ, – диэн национальнай бырайыактар тустарынан бэлиэтээн эттэ.
Үөрэх туһунан
Мунньах кэмигэр үөрэххэ сыһыаннаах биир интэриэһинэй этии киирдэ. Сэбиэт чилиэннэрэ үөрэнээччи уопсай билиитэ кэнники күөҥҥэ хааларын, үксүгэр выпускниктар Биир кэлим эксээмэни эрэ туттарыыга болҕомтолорун хатаан, үгүс биридимиэти көтүтэн кэбиһэллэрин бэлиэтээн эттилэр. Манна анаан урукку курдук оскуоланы бүтэриигэ орто баал диэн өйдөбүлү киллэрэргэ этии киллэрдилэр. Бу баал үөрэх туттарсарга эмиэ оруоллаах буолуоҕа. Бу этиигэ хоруйдаан Владимир Путин:
– Оҕо оскуоланы бүтэрэригэр Волга өрүс ханна түһэрин билэр буолуохтаах. Маннык судургу боппуруостарга сөптөөх хоруйу биэриэхтээх. Бу географияҕа да, литэрэтиирэҕэ да бары биридимиэттэргэ сыһыаннаах. Онон сөпсөһөбүн, эһиги этиилэргитин бырабыыталыстыбаны кытары тэҥҥэ оҥоруохха, – диэн эттэ.
Үөрэххэ сыһыаннаах биир эмиэ болҕомто киинигэр турар этии киирдэ. 2012 сылтан саҕалаан, саҥа сокуон киирэн, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор, төрөппүттэрэ быһаарыыларынан, анал оскуолаҕа, анал кылааска эбэтэр орто уопсай оскуолаҕа хайаларыгар баралларын талан үөрэнэр кыахтаммыттара. Уопсай орто оскуола бу оҕолорго анаан усулуобуйа тэрийиэхтээх. Ол эрээри манна эрэгийиэн эрэгийиэн тус-туһунан сыһыаннаһарын мунньах кыттааччылара бэлиэтээтилэр. Сорох ардыгар Үлэ, социальнай харыстабылын уонна Үөрэх министиэристибэлэрэ бэйэ-бэйэлэригэр бырахсан, оҕолор кыайан билиини ылбат түгэннэрэ үөскүүрүн эттилэр.
Миграция боппуруоһа
Бу кэлиҥҥи кэмҥэ миграция боппуруоһун Владимир Путин ыытар мунньахтарыгар олус сытыытык туруорар буоллулар. Быйыл Арассыыйа Миграцияҕа ыытар бэлиитикэтин уларытан, саҥа быраабылалары киллэрбитэ. Ол иһигэр визата суох сылдьыы болдьоҕо кыччатыллыбыта, сиэп төлөпүөнүгэр нүөмэри ылыы хааччахтаммыта, ону сэргэ тас дойдуттан үлэҕэ кэлэр дьоҥҥо эмиэ саҥа быраабылалар киирбиттэрэ.
Мунньах кыттыылаахтара тас дойдуттан кэлбит дьон биир патенынан үлэттэн үлэҕэ көһүө суохтаахтарын, дуогабардара бүттэ да төттөрү дойдуларыгар барыахтаахтарын эттилэр. Ону таһынан тас дойдуттан дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлэллэрин, үгүс оҕолор оскуолаҕа нуучча тылын билбэккэ киирэллэрин, манна хонтуруол наадатын бэлиэтээтилэр. Онон кэлэр сылтан нуучча тылын билбэт тас дойдуттан кэлбит ыал оҕото Арассыыйа оскуолатыгар үөрэнэр быраабы ылбат буолуоҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин тас дойдуттан кэлбит дьон хайаатар да нуучча тылын билиэхтээхтэрин, эрэгийиэннэр үгэстэрин, култуураларын ытыктыахтаахтарын туһунан үгүс мунньахха этэр.
Байыаннай эпэрээссийэ
Байыаннай эпэрээссийэ туһунан ыйытыылар хас мунньах аайы киирэллэр. Бу мунньахха байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө туһунан үгүс этии этилиннэ. Ол иһигэр Саха сирэ бэйэтин байыастарыгар улахан көмөнү-тирэҕи оҥоро олороро ахтылынна. Билигин дойду үрдүнэн волонтердар түмсүүлэрэ, араас пуонда тэриллэннэр, байыастарга хайа да өттүнэн көмө-тирэх бара турар, манна Саха сирин аата биир бастакынан ааттаммытыттан биир бэйэм киэн тутуннум.
Салгыы мунньахха биир сытыы боппуруос күөрэйэн таҕыста – сураҕа суох сүппүт байыас кимин быһаарыы. Бу билигин ДНК анаалыһынан эрэ быһаарыллар. Хомойуох иһин, байыастар кэккэлэригэр тулаайах дьон эмиэ бааллар, кинилэри быһаарыы, чугас аймахтара суохтарынан сибээстээн, тардылллан хаалар түгэннэрдээх. Онон мунньах кыттыылаахтара, саллааттар хайаатар да ДНК анаалыһын туттаралларыгар эттилэр.
Ядернай сэрии сэбин туһунан
– Мунньахха ядернай доктринаны күүһүрдүү туһунан этилиннэ. Бу боппуруоска маннык диэн хоруйдуом этэ. Биһиги ядернай доктринабытын күүһүрдүбэппит, саҥардабыт эрэ. Ол эрээри билигин бу боппуруос сытыытык турбат, “Орешник” курдук сэрии сэбэ баар буоллаҕына, ядернай сааны-саадаҕы туһанымыахха да сөп. Онон манна биһиги араас хайысханан үлэни ыытабыт, – диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.
Санатан этиим, бэрэсидьиэн сэтинньигэ ядернай бэлиитикэ саҥа сүрүн оҥкулларын бигэргэтэн анал ыйаах таһаарбыта. Бу ыйааҕынан ядернай бэлиитикэ тарҕанар судаарыстыбаларын категорията, байыаннай сойуустаахтар испииһэктэрэ кэҥэтиллибитэ. Ядернай саа-саадах ханнык түгэҥҥэ туттуллара, туттуллубата ыйыллыбыта. Ону сэргэ саҥа ыйааҕынан, ядернай саата-саадаҕа суох судаарыстыбалар ядернай дойдулары кытары кыттыгас бэлиитикэни ыытар түгэннэригэр, Арассыыйаны утары турууларын курдук сыаналанар буолбута. Бу докумуон сүүрбэччэ сыл саҥардыллыбакка гынан баран, кэлин 2020 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ.
Бу ыйаах тахсаатын кытта уонна АХШ, Великобританияҕа оҥоһуллубут аракыаталарынан Брянскай, Курскай уобаластар байыаннай баазаларыгар саба түһүү тахсыбытын кэннэ тута сөрөөн, Владимир Путин сэтинньи 21 күнүгэр “Орешник” баллистическэй аракыата систиэмэтин туһаныы туһунан иһитиннэрбитэ. Бу аракыата хайдах үлэлиирин көрүү саҕаламмытын кэннэ аан дойду хаһыаттара “Арассыыйа күүһүн көрдөрөн эрэр”, “Арассыыйа уонна НАТО сыһыаннара чыпчаалыгар кэллэ” диэн төбөлөөх ыстатыйалары таһаартаабыттара.
Түмүк оннугар
Түмүктээн эттэххэ, Владимир Путин бу мунньаҕар экэниэмикэ боппуруостарыттан саҕалаан ядернай бэлиитикэҕэ тиийэ араас ыйытыы киирдэ. Урукку өттүгэр уопсастыбаттан чааһынай, биирдиилээн боппуруостар эрэ үксүгэр киирэр буоллахтарына, бу сырыыга дойду экэниэмикэтэ, тас дойдулары кытары сыһыана инники күөҥҥэ турдулар.
Ахсынньы 19 күнүгэр бэрэсидьиэн улахан пресс-кэмпириэнсийэтин уонна сылы түмүктүүр быһа эпиирин холбоон ыытыаҕа. Тэрээһин Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска саҕаланыаҕа. Манна хас биирдиигит ыйытыыларгытын ыытыаххытын сөп. Түөрт көрүҥүнэн ыйытыаххытын сөп.
Бастакытынан, 8-800-200-40-40 төлөпүөҥҥэ эрийэн, иккиһинэн, 0-40-40 нүөмэргэ кылгас иһитиннэрии ыытан, үсүһүнэн, Москва-Путину.рф эбэтэр moskva-putinu.ru саайтарга, төрдүһүнэн, сиэп төлөпүөнүгэр “Москва Путину” диэн анал сыһыарыыны хачайдаан.
ХААРТЫСКА: РФ БЭРЭСИДЬИЭНИН ПРЕСС-СУЛУУСПАТА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: