Кэлэр сыллааҕы эксээмэни ыытыыга уларыйыылар киирдилэр
Арассыыйатааҕы үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа итиэннэ РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтин бирикээстэринэн, кэлэр 2024 сылга 9-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр ыытыллар эксээмэннэргэ саҥа көннөрүүлэри бигэргэппиттэр.
Кэлэр сылга эксээмэн туттарыытыгар маннык уларыйыылар киирбиттэр:
— 11-с кылааһы бүтэрээччилэр биир кэлим эксээмэҥҥэ математика судургутутуллубут (базовай) эксээмэнин уустугурдуллубукка (профильнай) эбэтэр төттөрүтүн уларытыахтарын сөп;
— Оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр убаастанар төрүөтүнэн саҥа бүтэрээччилэр курдук биир кэлим эксээмэҥҥэ кыттыы туһунан сайабылыанньаларыгар ыйыллыбыт биридимиэттэрин испииһэгин уларытар эбэтэр ахсаанын эбэр бырааптаннылар;
— Оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр биир кэлим эксээмэни сүрүн түһүмэх эрэсиэрбэҕэ күннэригэр эрэ туттарыахтара;
— Информатикаҕа эксээмэн кэнниттэн үлэни көрүү уонна бэрэбиэркэлээһин түөрт күнтэн икки күҥҥэ диэри кылгаабыт;
— Түмүктүүр өйтөн суруйуу (аахпыттан суруйуу) эбии ыытыллар күнэ ыам ыйын бастакы үлэ сэрэдэтиттэн, муус устар иккис сэрэдэтигэр көспүт. Өйтөн суруйууну (аахпыттан суруйуу) бэрэбиэркэлээһин болдьоҕо эмиэ уларыйбыт;
— 9-с кылаас кэнниттэн эксээмэн туттарааччылар түмүктүүр сэһэргэһиини (итоговое собеседование) тэйиччиттэн (дистанционно) туттарыахтарын сөп. Сэһэргэһии эбии түһүмэҕин ыытыы күнэ ыам ыйын бастакы үлэ бэнидиэнньигиттэн муус устар үһүс бэнидиэнньигэр көспүт. Сэһэргэһиини ааһааччылар сибээс, аудио-, хаартыска- уонна видео тэриллэри, ыйынньык матырыйааллары, суругунан бэлиэтээһиннэри итиэннэ информацияны харайар, тиэрдэр сириэстибэлэри илдьэ киирэллэрэ бобуллар. Бу туһунан Арассыыйатааҕы үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: