Кэлэр сыллар бүддьүөттэрин дьүүллэстилэр

Кэлэр сыллар бүддьүөттэрин дьүүллэстилэр

18.10.2022, 18:50
Бөлөххө киир:

Саха сирин  Судаарыстыбаннай мунньаҕар  (Ил Түмэн) “2023 сылга уонна 2024-2025 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан”  сокуон бырайыагын  истии буолла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үпкэ министиэристибэтин барыллааһынынан, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр дохуот — 257,5 миллиард,  2024 сылга — 252,3 миллиард, 2025 сылга  — 226,5 миллиард солкуобай буолуоҕа. Ороскуот уопсай кээмэйэ: 2023 сылга —  260,2 миллиард,  2024 сылга  — 254,6 миллиард,  2025 сылга 227,8 миллиард солкуобайга тиийиэҕэ.

СӨ үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров эппитинэн,  “Федеральнай бүддьүөттэн субсидиялар, субвенциялар, бүддьүөт иһинээҕи атын трансфертар, судаарыстыбаннай уонна судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэртэн босхо киирии харчылар билиҥҥитэ учуоттамматылар”. Миниистир  эрэгийиэннээҕи бүддьүөккэ киирии харчы  улаатыыта  кэккэ туһалаах баайы хостооһун кээмэйэ улаатыытын уонна баайга-дуолга нолуогу кытары сибээстээх диэн быһаарда. Ол эрээри, бүддьүөт ороскуоттаах чааһа эмиэ улаатта. Үп ороскуоттаах чааһа  ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэргэ уонна туоратарга, бүддьүөт социальнай хайысхатын үрдэтэргэ туһанылынна.

Саха сирин парламенын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ барыллаан көрдөрүүлэрэ билиҥҥи макро-экэнэмиичэскэй усулуобуйаҕа уонна геополитическай балаһыанньаҕа куһаҕана суохтарын бэлиэтээтэ. «Биһиги соччото суох сценарийы күүппүпүт. Ол гынан баран, уопсайынан ыллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ баалабай эрэгийиэннээҕи бородууктаҕа 2022 сылга улаатыы бэлиэтэниэҕэ”, — диэн аан дойду экэниэмикэтэ намтыы  турар кэмигэр биһиги субъекпытыгар олус үчүгэй көрдөрүү буоларын бэлиэтээтэ.

Парламент спикерэ бүддьүөт социальнай хайысхатын, инфляцияны уонна сыана үрдүүрүн учуоттаан, нэһилиэнньэ дохуотун көрдөрүүтүн, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар судаарыстыбананй  бырагыраамалар интэриэстэрин учуоттуурга ыҥырда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: