Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин сэтинньи 27 күнүгэр 2024 сылтан кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.
Бу сокуон чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ 1 коэффициена 129,5 солкуобайтан 133,1 солкуобайга диэри үрдүүр, страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ 7915,4 солкуобайтан 8134,9 солкуобайга диэри үрдүүр.
Бу миэрэ биэнсийэ таһымын үрдээһинэ инфляция таһымыттан намыһах буолбатын туһугар оҥоһуллар. Бу үрдээһин үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ сыһыаннаах.
Алтынньы 24 күнүгэр Госдуума үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин 7,5% үрдэтэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыммыта. Онон бэрэсидьиэн илии баттаабытын кэннэ, сокуон күүһүгэр киирдэ.
Арассыыйаҕа страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 22 605 солкуобайга, кырдьар сааһынан биэнсийэни ылар дьон биэнсийэлэрэ 23 449 солкуобайга тэҥнэстэ диэн «Известия» иһитиннэрэр.
Саха сиригэр хотугу эбиликтэр, оройуоннааҕы коэффициент эбиллэр буолан, биэнсийэ орто кээмэйэ итиннээҕэр үрдүк буолар. Сүрүнэ, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр билигин ыла сылдьар биэнсийэлэрин кээмэйэ 7,5% үрдүөхтээх. Ол эбэтэр, 1600-2000 солкуобайынан үрдүөҕэ.
Ахсынньы 29 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлээтэ. Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа саҥа дьиэтэ…
Саха саныырынан, утуйар уу араастаах. Сылбай уу кэмэ -- киэһэ сыппыт кэннэ түүн үөһүгэр диэри.…
Хатас нэһилиэгэ сыллааҕы үлэни-хамнаһы түмүктүүр киэһэтэ буолан ааста Сылы түмүктүүр, ааспыты анаарар, буолбуту ырытар ахсынньы…
Өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай кэрэ кэргэннии паараларынан Айталина уонна Вячеслав Лаверновтар буолаллар. Томпо уонна Амма Кэрэ…
Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл буолуон эндэппэккэ билэллэрэ. Айылҕа араас көстүүтүн, оту-маһы, кыылы-сүөлү кэтээн көрөллөрүн туһунан элбэхтэ…
Атамайга элбэх хайысхалаах кииҥҥэ сэргэх тэрээһин буолла. Тэрээһин бастакы чааһыгар Атамай нэһилиэгин түөлбэлэригэр бастыҥнары чиэстиир…