Бэрэсидьиэн Владимир Путин сэтинньи 27 күнүгэр 2024 сылтан кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.
Бу сокуон чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ 1 коэффициена 129,5 солкуобайтан 133,1 солкуобайга диэри үрдүүр, страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ 7915,4 солкуобайтан 8134,9 солкуобайга диэри үрдүүр.
Бу миэрэ биэнсийэ таһымын үрдээһинэ инфляция таһымыттан намыһах буолбатын туһугар оҥоһуллар. Бу үрдээһин үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ сыһыаннаах.
Алтынньы 24 күнүгэр Госдуума үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин 7,5% үрдэтэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыммыта. Онон бэрэсидьиэн илии баттаабытын кэннэ, сокуон күүһүгэр киирдэ.
Арассыыйаҕа страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 22 605 солкуобайга, кырдьар сааһынан биэнсийэни ылар дьон биэнсийэлэрэ 23 449 солкуобайга тэҥнэстэ диэн «Известия» иһитиннэрэр.
Саха сиригэр хотугу эбиликтэр, оройуоннааҕы коэффициент эбиллэр буолан, биэнсийэ орто кээмэйэ итиннээҕэр үрдүк буолар. Сүрүнэ, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр билигин ыла сылдьар биэнсийэлэрин кээмэйэ 7,5% үрдүөхтээх. Ол эбэтэр, 1600-2000 солкуобайынан үрдүөҕэ.
Халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан, дьон-сэргэ аны хайдах сайын кэлэрин билиэн баҕарар. Үгэс быһыытынан, норуот синоптига…
Нэдиэлэ бастакы күнүгэр Саха сиригэр синоптиктар тугу билгэлииллэр? Саха сиригэр киин оройуоннарга, хотугулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин, Өлүөнэ…
Улууска өрөмүөн үлэлэрэ номнуо саҕаланнылар. Улууска ууттан эмсэҕэлээбит суоллар сорох учаастактарыгар үлэ саҕаланна. "Дьокуускайтан эбии…
Суһал ыстаап киэһээҥҥи брифинигэр бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий…
Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнүнэн 1924 сыл олунньу 17 күнэ ааҕыллар. Бу күн Дьокуускайга…
Нерюнгри куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа үөрэнээччилэрин XII Спартакиадаларын II түһүмэҕэр уус-уран гимнастикаҕа Саха сирин спортсменкалара 3 …