Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин сэтинньи 27 күнүгэр 2024 сылтан кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.
Бу сокуон чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ 1 коэффициена 129,5 солкуобайтан 133,1 солкуобайга диэри үрдүүр, страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ 7915,4 солкуобайтан 8134,9 солкуобайга диэри үрдүүр.
Бу миэрэ биэнсийэ таһымын үрдээһинэ инфляция таһымыттан намыһах буолбатын туһугар оҥоһуллар. Бу үрдээһин үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ сыһыаннаах.
Алтынньы 24 күнүгэр Госдуума үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин 7,5% үрдэтэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыммыта. Онон бэрэсидьиэн илии баттаабытын кэннэ, сокуон күүһүгэр киирдэ.
Арассыыйаҕа страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 22 605 солкуобайга, кырдьар сааһынан биэнсийэни ылар дьон биэнсийэлэрэ 23 449 солкуобайга тэҥнэстэ диэн «Известия» иһитиннэрэр.
Саха сиригэр хотугу эбиликтэр, оройуоннааҕы коэффициент эбиллэр буолан, биэнсийэ орто кээмэйэ итиннээҕэр үрдүк буолар. Сүрүнэ, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр билигин ыла сылдьар биэнсийэлэрин кээмэйэ 7,5% үрдүөхтээх. Ол эбэтэр, 1600-2000 солкуобайынан үрдүөҕэ.
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…
Тохсунньу 5 күнүгэр Ньурба улууһугар 1955 с.т. дьахтар сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитэ.…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Бүгүн, тохсунньу 7 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ илин, соҕуруулуу-илин өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Мантан атын оройуоннарга кыралаан…
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар түмүктэнэн, симэммит харыйалары хомуйар кэм чугаһаата. Астрологтар маннык күннэргэ харыйаны хомуйары сүбэлииллэр:…
Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьиэ кэргэҥҥэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕолор төрөөтөхтөрүнэ дьиэ кэргэн ипотекатын ыстаапкатын намтатар…