Салгыы
Кэлэр үс сыллаах бүддьүөт социальнай суолталаах

Кэлэр үс сыллаах бүддьүөт социальнай суолталаах

25.10.2024, 10:30
Хаартыска - коллаж. Василий Прокопьев
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэҕэ, алтынньы 22–23 күннэригэр, Ил Түмэн IX (уочараттаах) пленарнай мунньаҕа ыытылынна. Мунньах бэбиэскэтинэн барыта 50 боппуруос көрүлүннэ, ону таһынан, икки бырабыыталыстыба чааһа ыытылынна. Сокуон барыллара бастакы уонна иккис бүтэһиктээх ааҕыыга ылылыннылар. Итинтэн сүрүннээн, быһа тардан, каадыр боппуруоһун уонна кэлэр үс сыллааҕы бүддьүөт сыыппараларын көрүөххэ.

КААДЫР БОППУРУОҺА

Бастакынан, үгэс курдук, каадыр боппуруоһа көрүлүннэ. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев норуот дьокутааттарын аатыттан быйыл күһүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, ыытыллыбыт биир кэлим куоластааһын күнүгэр 34 №-дээх биир мандааттаах Халыма-Индигиир быыбардыыр уокуруктан Ил Түмэн дьокутаатынан талыллыбыт Евгений Слепцовка норуот дьокутаатын дастабырыанньатын туттарда, парламентаризм сайдыытыгар ситиһиилээх үлэни баҕарда. Салгыы мөрөбүөй судьуйалар дуоһунастарыгар киллэриллибит кандидатуралары көрдүлэр. Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн Иван Соловьев Бүлүү улууһун 11 №-дээх, Павел Федоров Горнай улууһун 12 №-дээх, Ольга Никитина Эдьигээн улууһун 13 №-дээх, Вадим Бабенов Ленскэй улууһун 16 №-дээх, Любомира Горохова Муома улууһун 20 №-дээх уонна Александр Чемезов Өлүөхүмэ улууһун 25 №-дээх суут учаастактарын мөрөбүөй судьуйаларынан бигэргэннилэр.

Эһиилги тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһинигэр 8 млрд солк. кэриҥэ үп-харчы угулунна. Кэлэр сылларга бүддьүөт иккис ааҕыытыгар 15,7 млрд солк. суумалаах үбүлээһин билиҥҥи кээмэйинэн оннунан хааллараллара торумнанар.

БҮДДЬҮӨТ БАРЫЛА ЫЛЫЛЫННА

Сүрүн боппуруоһунан дьокутааттар өрөспүүбүлүкэбит кэлэр 2025 сыллааҕы уонна онтон салгыы 2026–2027 сыллардааҕы бүддьүөтү ырытан бастакы ааҕыыга ылыннылар. Дьүүллэһиигэ киирбит бүддьүөт сокуонугар СӨ Үп министиэристибэтин барыллааһынынан, өрөспүүбүлүкэбит хааһынатын үбэ 2025–2027 сылларга ааҕыллан-аттарыллан, былырыыҥҥы курдук социальнай хайысхалааҕа оннунан хаалла. Онон СӨ судаарыстыбаннай бырагыраамаларыгар олоҕуран, бүддьүөтүн дохуотун сүрүн дьаһайааччылар билгэлээбит көрдөрүүлэригэр сөп түбэһиннэрэн, дохуотун уопсай кээмэйэ 2025 сылга 291 284 872,3 тыһ. солк. тэҥнэһиэ, ол иһигэр нолуоктан киирэр дохуот 199 971 453,9 тыһ. солк., нолуоктан атын дохуот 15 977 666,1 тыһ. солк. уонна толуйуллубат киирии үп-харчы 75 335 752,4 тыһ. солк. буолуо. Үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев быһаарарынан, 2025 сыллааҕы бүддьүөт сыыппаратыгар федеральнай хааһынаттан киирэр дотация харчы өссө да быһаарылла илик. Онон федеральнай бүддьүөттэн кэлэр үбүлээһин чуолкайданнаҕына, ити уопсай суума төһө буолара иккис ааҕыыга чопчуланыа.

ХАМНАС ҮРДҮӨҔЭ

Саха сиригэр тус сыаллаах категория үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ кэлэр сылга 18 млрд. 900 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Бу туһунан үөрүүлээх сонуну үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Ону тэҥэ муҥутуур алын хамнас кээмэйин таһымыгар хамнас — 16,6%, атын категорияларынан — 5,7% үрдэтии көрүллэрэ былааннанар. Санаттахха, Ил Дархан Айсен Николаев быһаарбытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас муҥутуур алын кээмэйэ (МРОТ) билигин 48 тыһ. солкуобайга, хотугу улуустарга 52 тыһ. солкуобайга тэҥнэһэр. 2025 сылга 56 тыһ. солкуобай, Арктика улуустарыгар 60 тыһ. солкуобай таһымыгар тиийэ үрдүүрэ күүтүллэр.

ТЫА СИРЭ — ОЛОХ УЙГУТА

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өйөөһүн кээмэйин 2025 сылга бу сыллааҕы таһымыгар оннунан хаалларыахтара. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров этэринэн, бастакы ааҕыыга бэтэринээрийэ управлениетын бүддьүөтүн учуоттаан, эһиилги тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһинигэр 8 млрд солк. кэриҥэ үп-харчы угулунна. Кэлэр сылларга бүддьүөт иккис ааҕыытыгар 15,7 млрд солк. суумалаах үбүлээһин билиҥҥи кээмэйинэн оннунан хааллараллара торумнанар. Миниистир этэринэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тосхолугар туһуламмыт үбүлээһини оннунан хаалларыы инвестиционнай бэлиитикэҕэ инники соруктары уонна былааннары ситиһиигэ биллэрдик тыа сирин олоҕун уйгутун үрдэтиигэ күүстээх өйөбүлүнэн буолуоҕа. Бу барыта 2030 сылга диэри аграрнай салааны сайыннарыыга Ил Дархан Айсен Николаев саҥа стратегическай Ыйааҕынан быһаарыллыбыта.

Ити курдук, норуот дьокутааттара бастакы ааҕыыга дьүүллэспит өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүн сүрүн хайысхата, уруккутун курдук, бүддьүөт бары тэрилтэлэрин, нэһилиэнньэни араҥаччылыыр социальнай суолталааҕын, сыана үрдээһинин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тосхолугар киирбит тыа сирин үлэһиттэрин интэриэстэрин учуоттуур. Онон өрөспүүбүлүкэбит, улуустарбыт, нэһилиэктэрбит, онно олохтоох дьоммут-сэргэбит бу кэлэр үс сылга сөбүгэр үбүлэнэн, хааччыллан олорор хааһынабыт харчыта бастакы ааҕыы кэнниттэн өссө чуолкайдык чопчуланар кыахтанна.

Санаалар

«ҮБҮ-ХАРЧЫНЫ САҤА НАЦБЫРАЙЫАКТАРГА УГУОХПУТ»

Алексей ЕРЕМЕЕВ, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ:
— Бүддьүөт бырайыага балай да балансаламмыт. Уопсастыбаҕа наадалаах тирээн турар суолталаах боппуруостары барытын учуоттаатыбыт. Ол курдук, бүддьүөт социальнай хайысхалааҕа оннунан хаалар. Ити курдук судаарыстыба иннигэр бары эбэһээтэлистибэлэрбиттолоруллуохтара. Бэлиэтиир буоллахха, дойдуга үрдүнэн олоххо киллэриллэр национальнай бырайыактарынан хос үбүлээһиҥҥэ үгүөрү үп-харчы көрүллүөхтээх. Итиэннэ саҥа национальнай бырайыактарынан үбү-харчыны угуохпут. Өрөспүүбүлүкэ үс сыллаах бүддьүөтүн сүрүн соруга — дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев оҥорбут стратегическай соруктарын ситиһии уонна нэһилиэнньэ иннигэр социальнай эбэһээтэлистибэлэри толоруу. Итини кытта, биллэн турар, парламент болҕомтотугар тыа хаһаайыстыбатын ороскуоттара уонна судаарыстыба өттүттэн
өйөбүлэ буолаллар. Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ 8 млрд солк. тахса үп-харчы угулунна, ону таһынан, бырабыыталыстыбаны кытта түһэрсибит сөбүлээһиинэн үбүлээһин кээмэйэ 2024 сылтан намыһах буолуо суохтаах, ол эбэтэр 15 млрд солк. тахса үп-харчы көрүллүөҕэ.

«ДОТАЦИЯ СУУМАТА ӨССӨ ДА ЧУОЛКАЙДАНА ИЛИК»
Иван АЛЕКСЕЕВ, үп министиирин эбээһинэһин толорооччу:
— Ил Түмэн мунньаҕар дьокутааттар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бастакы ааҕыыга бүддьүөт үс сыллааҕы көрдөрүүлэрин көрдүбүт, салгыы үлэ барар. Билигин дойду бырабыыталыстыбатыгар федеральнай бүддьүөт эмиэ саҥа көрүллэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллиэхтээх дотация суумата өссө чуолкайдана илик. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллиэхтээх дотация 70% эрэ көрүллэр, 30% тыырылла илик. Ити үп көрүллэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирдэҕинэ, иккис ааҕыыга социальнай суолталаах боппуруостары эбии дьүүллэһиэхпит. Иккиһинэн, сайын бүддьүөтү бырайыагын саҕалыырбытыгар дуоллар куурсун 91,10 солк. ылбыппыт, онтон балаҕан ыйыгар Арассыыйа Киин
баана дуоллар куурсун 96,50 солк. оҥорбута. Итини эмиэ биһиги сиртэн хостонор баайтан киирэр нолуок сууматынан иккис ааҕыыга уларытан бүддьүөккэ ороскуоппутун эбии ааҕыахпыт. Быйыл нацбырайыактар түмүктэниэхтэрэ, оттон салгыы 2025 сылга дойду үрдүнэн барыта 19 нацбырайыак үлэтин саҕалыахтаах. Итиннэ саҥа кэлбит субвенциялар, субсидиялар дойду эрэгийиэннэринэн тыырылыннахтарына, учуоттуохпут.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: