Кэлэр үс сыллаах бүддьүөт сүрүн хайысхата – социальнай суолталаах
Ил Түмэҥҥэ бүгүн дьокутааттар өрөспүүбүлүкэбит кэлэр 2023 сыллааҕы уонна онтон салгыы 2024-2025 с.с. бүддьүөтүн ырытан бастакы ааҕыыга ылыннылар. Маны ылыныы инники буолан ааспыт киэҥ ыҥырыылаах мунньахха, туһааннаах сис кэмитиэккэ дьүүллэһиллибит буолан, сулбурҕатык буолла.
Дьүүлгэ киирбит бүддьүөт сокуонугар СӨ Үпкэ министиэристибэтин барыллааһынынан үгүспүт дохуот аахсан, аһаан-таҥнан олоруохтаах өрөспүүбүлүкэбит хааһынатын үбэ 2023-2025 сылларга ааҕыллан-аттарыллан, барыга бары тиийэр гына тыырыллан суоттаммыт. Онон 2023 сылга бүддьүөт дохуотун уопсай суумата 257,5 млрд солкуобай, 2024 сылга 252,3 млрд солкуобай, 2025 сылга — 226,5 млрд солкуобай буолла. Үп миниистирэ Валерий Жондоров быһаарарынан, 2025 сыллааҕы бүддьүөт уопсай сууматыгар киирэр төннүннэриллибэт үп кэрискэтигэр бүддьүөтү толорууну тэҥнээн көннөрүүгэ бэриллэр 57,5 млрд солуобайдаах дотация эрэ учуоттаммыт. Пленарнай мунньахха федеральнай бүддьүөттэн кэлэр араас өрүттээх үбүлээһин чуолкайданнаҕына, ити уопсай суума төһө буолара сотору кэминэн чопчуланыа дииллэр.
Парламент спикерэ Алексей Еремеев эрдэ бэлиэтээн эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ 2023 сыллааҕы бүддьүөтүн барыллаан көрдөрүүлэрэ экэниэмикэ эйгэтигэр итиэннэ билиҥҥи уустук геополитическай быһыы-майгы кэмигэр куһаҕана суох.
«Биһиги бөрүкүтэ суох балаһыанньа буолара буолуо диэн сэрэхэдийбиппит эрээри, көрөргүт курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ бу 2022 сылга эрэгийиэн баалабай бородууктатын көрдөрүүлэрэ улаатар чинчилэннэ. Кыранан намтыан сөп эрээри, эһиилги 2023 сылга бу эмиэ маннык соҕус буолуо дии саныыбыт. Аан дойду экэниэмикэтэ итиэннэ РФ национальнай баалабай бородууктата түһэ турар уустук кэмнэригэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу үчүгэй көрдөрүүнэн буолар. Манна Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба өрөспүүбүлүкэ бигэ туругун хааччыйыга күүстэрин, улахан сыраларын уурбуттарын түмүгэ уонна бөдөҥ компаниялар бырамыысыланнастан хааһынаҕа киллэриилэрэ үрдээбитэ көстөр».
Дьокутааттар бастакы ааҕыыга ылыллыбыт өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүн сүрүн хайысхата, уруккутун курдук, бүддьүөт бары тэрилтэлэрин, нэһилиэнньэ кыаммат-тиийиммэт араҥатын көмүскүүр, араҥаччылыыр социальнай суолталааҕын, сыана үрдээһинин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тосхолугар киирбит тыа сирин үлэһиттэрин интэриэстэрин учуоттуурун бэлиэтээтилэр. Онон өрөспүүбүлүкэбит, улуустарбыт, нэһилиэктэрбит, онно олохтоох дьоммут-сэргэбит бу кэлэр үс сылга сөбүгэр үбүлэнэн, хааччыллан олорор хааһынабыт харчыта бастакы ааҕыы кэнниттэн өссө чуолкайдык чопчуланар кыахха киирдэ.
Елена Иванова, «Саха сирэ» хаһыат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: