“Кирэдьииппин төлөөн бүтэрдэхпинэ, массыына атыыластахпына ыал буолуом эбэтэр дьиэбитин-уоппутун тэринэн, харчы мунньунан баран оҕолонуохпут” диэн курдук ис хоһоонноох олоҕу былаанныыр дьон ардыгар баар буолаллар. Кинилэр санааларыгар олох наһаа уһун. Туох барыта иннилэригэр курдук буолар. Ол эрээри ис дьиҥэр оннук буолбатах.
Сорох сүрүн болҕомтону инникини былааннааһыҥҥа уонна туола илик баҕа санааларыгар уурар. Ол түмүгэр киһи бүгүҥҥү күнүн, буола турар олоҕун сиэртибэлиир.
Олоҕу былааннаан олорор куһаҕана суох. Уһун сыллаах былааннааһынтан сибилиҥҥи олоҕу хаалларан туран буола илигинэн олорууну психологтар “синдром отложенной жизни” дииллэр. Арассыыйа биллиилээх психолога Владимир Серкин бу синдрому чинчийбит. Уһун сыллаах былааннааһынтан “күннээҕи олоҕу умнуу синдрома” атыннаах.
Ол курдук, Хоту сиргэ соҕурууттан үлэлии кэлбит эдэр ыал саастарын устата харчы мунньан сылаас дойдуга көһөр туһунан ыраламмыттар. Кинилэр оҕолоро төрөппүттэрин баҕа санааларынан олорбуттар. Наар харчы мунньунар сыаллаах буолан мээнэ бырааһынньыкка сылдьыбакка, бэлэх бэрсибэккэ, куруутун соҕуруу көһөр туһунан санаан олорбуттар. Сааһыран, биэнсийэҕэ тахсан баран баҕалаах Соҕурууларыгар көспүттэр. Ол эрээри онно тиийэн баран эр киһи ыалдьан олохтон барбыт. Оттон сааһырбыт дьахтар сааһын тухары Хоту олорбут эдэр сааһын санаан, ааспыт олоҕун сырдык кэмин аны ыралыыр буолбут. Саатар биирдэ олорбут уопсайын, үлэлээбит сирин көрөр баҕалаах олоҕун моҥообут.
Бүгүҥҥү күнү сиэртибэлээн туран, хаһан эрэ буолуохтаах уонна кэлиэхтээх сырдык, кэрэ олоҕу күүтүү туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин психологтар бэлиэтииллэр. Оттон ол күүтүүлээх олох кэллэр кэлэн иһимиэн сөп. Буолуохтаах бырааһынньык, тэрээһин, хаһан эрэ үүнүөхтээх дьоллоох түгэн кэлимиэн эмиэ сөп. Киһи баҕа санаатын олоххо тутатына киллэрэн иһэргэ кыһаллыахтааҕын психологтар ыйаллар. Ол курдук хаһан эрэ синньээтэхпинэ мааны былааччыйабын кэтэн биэчэргэ барыам эбэтэр сүүрэн дьарыктанан баран хайаны дабайыам о.д.а. баҕа санаалары хааччахтыыр санаа үгүс киһи өйүгэр баар эбит. Киһи күннээҕи үөрүүттэн дьоллонуохтаах, тоҕоостоох күнү кэтэһэн күнүн-дьылын уонна олоҕун аһардан кэбиһэр кутталлааҕын бэлиэтииллэр.
Киһи олоҕун айымньы “харатын” суруйар курдук олоруо суохтаах эбит. Хаһан эрэ кэлиэхтээх сырдык, инники олоҕу күүтэн киһи бүгүҥҥү олоҕун куоттарарын дьэҥкэтик өйдүөхтээх. Хаһан эрэ син биир мантан көһүөм диэн санааттан олорор дьиэтин киһилии оҥостубат, сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктаммат, ол түмүгэр билиҥҥи олоҕунан олорбот. Оттон киһиэхэ сааһырыы боруога олус чугас. Кини кими да күүппэт, онон олоҕу кэлиҥҥигэ хаһаанар киһи бэйэтин дьолун сарбынар.
Маныаха А.П.Чехов “Крыжовник” айымньыта өйбөр тиийэн кэлэр. Сааһын тухары олбуордаах улахан дьиэлэниэн, ол тулатыгар үрүйэчээн устуон, ыарҕаны үүннэриэн баҕа санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт Николай Иванович-Чимша-Гималайскай туһунан айымньы киһи дууһатын кылын таарыйар. Хомолтолооҕо диэн, бу эдэр киһи сааһыгар киһилии таҥныбакка, тапталы билбэккэ, олох үөрүүтүн көрсүбэккэ, наар харчы мунньунар эрэйигэр олорбут. Киһи дууһатын тубарсыйыыта, дьадайыыта айымньыга сиһилии көстөр. Оттон билиҥҥи үйэҕэ бу айымньы дьоруойун курдук дьон баар буолуохтарын сөп. Бүгүҥҥү күн үөрүүтэ кэтэһиинэн туолуо суохтаах.
Оҕолор улаатан атахтарыгар турдахтарына, бэйэбит олохпутунан олоруохпут дии саныыллар үгүс саха дьоно. Кинилэр эдэр саастарын, бу буола турар олохторун аахайбаттар. Оҕо 20 сааһын туолуута төрөппүт кыһалҕата өссө элбиир. Били сынньаныах, сири-дойдуну көрүөх буолбут баҕалара уталытыллан иһэр. Оҕо ыал буолар, сиэн көрүүтүн кыһалҕата кэлэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, номнуо 50 саастарын туолан, били саамай сүүрүөхтээх, барыахтаах-кэлиэхтээх орто саастара ааһан хаалбыт буолуон сөп. Барахсаттар, сааһыран баран сатыы хаама, сорохтор успуорка төннө сатыыллар. Ол эрээри киһи доруобуйата сааһыран истэх ахсын айгырыырын өйдүөхтээх. Ол иһин киһи тугу эрэ гыныан, оҥоруон баҕарар буоллаҕына, хаһан эрэ тоҕоостоох түгэн тосхойорун күүтүө суохтаах. Оҕолор улааттахтарына диэн санаанан эрэ салайтарбакка, сөбүлүүр дьарыкка билигин ылсар наадатын ыйаллар психологтар. Оттон аҕам саастаах дьон орто саастаах көлүөнэҕэ, олоҕу олоро сатааҥ диэн сүбэлииллэрэ эмиэ оруннаах.
Биир билэр дьахтарым сааһын тухары, саҥа дьиэҕэ көстөхпүнэ барытын саҥаттан оҥостуом диэн эргэ дьиэтигэр улаханнык оҥостубакка олорбута. Дьиэтин иһигэр тугу да тупсара, оҥоро сатаабакка, көһүөхтээх дьиэтин санаа ымыыта оҥостубута. Хойут, 40 сааһын лаппа ааһан баран саҥа дьиэ ылан көспүтэ эрээри, били олоххо, сырдыкка баҕарар көҕө номнуо ааһан хаалбытын сонньуйа көрбүтүм. Оттон сорохтор саҥа дьылтан ыла саҥа олоҕу саҕалыам, синньииргэ дьулуһуом, аспын туттунуом, успуордунан дьарыктаныам дии саныыллар уонна сарсыҥҥыга уталытан иһэллэр. Бу эмиэ “синдром отложенной жизни” буоларын умнумаҥ.
Киһи тугу сөбүлүүрүн, ылынарын, ылымматын бэйэтэ эрэ билэр. Киһи бэйэтин ис туругун албыннаныа суохтаах. Ис сүрэҕиттэн тугу сөбүлүүрүттэн аккаастаныа суохтаах. Сааһыран баран хайыһардыахха, баҕарар буоллахха хаҥкылыахха да сөп. Сааһырдым, эдэр сааһым ааспыт диэн санаарҕыыр эмиэ сыыһа. Урукку өттүгэр сыыһан, хаһан эрэ буолуохтааҕы күүтэн олорбут буоллаххына, саҕалыырга хаһан да хойут буолбатаҕын умнума. Психологтар этэллэринэн, киһи кэмигэр өйдөөбүтэ улахан суолталаах эбит.
Учуонайдар бу синдрому ньиэрбэни кытта ситимнииллэр. Чинчийэн, ырытан көрөн баран эмиэ оҕо сааһы кытта ситимнээҕин быһаарбыттар. Оҕо кыра сааһыгар бэлэх-туһах ылаары бырааһынньыгы күүтэр. Киниэхэ кыра сааһыттан бырааһынньыкка кэтиэҥ диэн мааны таҥаһы ууран туруораллар. Бырааһынньыкка сиэхпит диэн ас хаһааналлар. Оҕо улаатыыта бэйэтэ да билбэтинэн, өйүгэр-санаатыгар олохсуйбутунан тоҕоостоох күнү, түгэни кэтэһэр буолар. Оттон тоҕоостоох түгэн тосхойботоҕуна, кини олохтон кэлэйиэн, хомойуон сөп. Хомойбут киһи туохха да кыһаммат. Барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыан сөбүн психологтар бэлиэтииллэр. Онон сүрэххитин, ис туруккутун хомотумаҥ. Тоҕоостоох түгэни сибилигин оҥоруҥ!
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…